Page 123 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 123

саарба  ньээлбэтин  сүөрбүтэ,  саһыл  тыһа  бэргэһэтин,  бэдэр
         саҕынньаҕын устан көхөлөргө ыйаталаат, уот иннигэр кэлбитэ.
            — Эн эбиккин дуу? — Тыгын аһаабытын кубулуппакка оло-
         рон, уолугар көҕүл олоҕу ыйбыта, оттон ийэтэ аһы улахан уолу-
         гар  чугаһата  сыҕарыппыта  —  Марҕа  сааһыран  истэҕин  ахсын
         дьоно  кинини  Туймаада  биир  бастыҥ  ыалынан  билинэллэрэ
         бэйэлэриттэн тутулуга да суох улаатан иһэргэ дылыта. — Бач-
         ча киэһэ бу ханна бардыҥ?
            — Ырааппаппын,  —  Марҕа  кэлэн  сандалыга  олорон  боч-
         чумнаахтык, тэҥнээх киһилии хоруйдаабыта. — Сүөһү-ас түбү-
         гэ күннэри-түүннэри сүүрдэр, хайыаххыный.
            — Киһи-киһи тус-туһунан дьылҕалаах, дьылҕаҥ оннук буол-
         лаҕа, — аҕа киһи түгэхтээхтик саҥарбыта.
            — Оннук  ини,  мин  атыттар  курдук  эттээх  ат  үрдүгэр  түһэ-
         түһэ  улуу  уустары  кэрийбэппин,  кинилэр  баайдарыгар  өҥөл-
         дьүйбэппин.  Бэйэлээх  бэйэм  киэнин  төрөөтөр-ууһаатар  диэн
         мөхсөбүн.
            — Ким  да  онон  эйигин  сирэйгэ-харахха  аспат  ээ,  —  аҕата
         уолун хаҕыс тылларын кулгааҕын таһынан аһарбыта. — Туохха
         кэллиҥ?
            — Аҕам Тыгын Дархан, ийэм Аабый Дархан, иккиэҥҥитигэр
         иһитиннэриим,  иккиэн  сүбэлээх-соргулаах  тыллары  эттэххи-
         тинэ сатанар.
            Кыргыттар  баалларыгар-суохтарыгар  кыһамматтыы,  ийэ-
         лээх  аҕатыгар  эрэ  чопчу  саҥарбыта.  Аабый  Дархан  хаҥас
         диэки  барыах  курдук  гынан  иһэн  тохтообута,  олоҕор  хаттаан
         олоро түспүтэ. Үйэннээх эмиэ сэргэҥнэспиттэрэ.
            — Дьэ, истэбит, — диэбитэ ийэтэ.
            — Мин  улаатан  борбуйбун  көтөҕүөхпэр  диэри  эһэм  аахха
         олорбуппун  эһиги  бэрт  үчүгэйдик  билэҕит.  Кинилэр  үөскэп-
         пит-төрөппүт  сүөһүлэригэр  мин  даҕаны  үрүҥ-хара  көлөһүнүм
         тохтубут буолуохтаах. Эһэм Мунньан Дархан баайыттан миэхэ
         тиксиһиннэрдэргит диэн, анаан-минээн тыл ыһыкта кэллим.
            Аҕата Тыгын саҥата суох дьэбин уоһуйан, иҥиэттэн кэбис-
         питэ, кини улахан уола инньэ диэн хаста да тыл быктарбытын
         истибитэ. Санаан испит дириҥ-далай кэскиллээх санааларын
         бүгү  күннээҕи  кыра,  быычыкайкаан,  иилэҥэй  мучумаанна-
         рынан  иирдэн  иһэллэрин  букатын  сөбүлээбэккэ  олороро  —
         кини  улахан  уолуттан  улаҕалаах  дириҥ  өйдөөх  түспэ  дархан
         киһи тахсыа суоҕун билбитэ ыраатта.
            — Оттон ити айан төрөппүт аар тойон аҕаҥ олорор, эн ону
         кинилиин быһаарсыс, — Аабый Дархан дьахтар киһи букатын

                                                                      123
   118   119   120   121   122   123   124   125   126   127   128