Page 119 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 119

кыырбыт.  Борук-сорукка  арбах  бастаах  атыыр  ойууннар  аҕа-
         лара  буолбут  Чачыгыр  Таас  ойуун  иҥсэлээхтик  этэн,  дьал-
         хааннаахтык  туойан,  дүҥүрүн  тыаһа  дүрбүйэн  барбыт.  Ойуун
         улам-улам этэр этиитэ иччилэнэн, саҥарар саҥата саталанан
         испит. Олус уһун аартыгы арыйан, турар бэйэтэ чоҥкуйа кы-
         рыаран,  айаннаан-сэмэлээн  барбыт  сиригэр  тиийэн  кэлбит.
         Ол  онтон  муос  сүгэтин  ойутан  таһааран,  Тымныы  Чолбонун
         кэрдибитинэн  барбыт.  Хас  оҕустаҕын  аайы  кыһыҥҥы  хараҥа
         халлааҥҥа  чокуур  уотун  курдук  эҥин  өҥнөөх  уот  сардыргыы
         ыһыллыбыт.  Ол  курдук  Чачыгыр  Таас  ойуун  уотунан  ыһыах-
         танан,  кыһыҥҥы  боруҥуй  халлааҥҥа  ирим-дьирим  эккирии
         турдаҕына, биир солуута суох эдэр дьахтар «Уоттаах Чолбону
         кэрдэр  хайдах  буолар  эбит?»  диэн  көрүөн-билиэн  баҕата  ту-
         лутумуна, үөмэн тиийэн, саах эһэр түннүгүнэн халлааны көр-
         бүт. Ол көрбүтэ, доҕоор, ойуун сүгэтин күөрэҥнэттэҕин аайы
         Уоттаах  Чолбон  сардырҕаччы  ыһыллан,  бүтүн  халлаан  кутаа
         уотунан кырбаһан ахан эрэр эбит. Дьахтар көрөрүн кытта уот
         мэлис гынан хаалбыт. Ону кытта ойуун муос сүгэтин тыаһа ча-
         быргыыра иһиллибит. Чачыгыр Таас ойуун, дьахтар хараҕынан
         көрүө суохтар көрдүлэр, билиэ суохтар биллилэр диэн, ытаан-
         соҥоон  үөһэттэн  төннөн  түспүт  —  муос  сүгэтэ  сулуһу  хоппот
         буолан хаалбыт…
            Дьахталлар  баҕайылар  солуута  суохтарын  Тыгын  Дархан
         мөҥүттэ  саныы  сыппыта.  Киэһээҥҥи  ас  тардыллан  бэлэм
         буол та, Аабый Дархан аһылыкка ыҥырбыта.
            Чаллаайылаах  Бөдьөкө  суохтара  —  абаҕаларыгар  Одуну
         ойууҥ ҥа эҥин албаска куоһана тахсан олороллоро. Тыаһааны
         этиэххэ-тыыныахха  айылаах  уһуктаах  уостарын  быһа  ньими-
         йэн, сирэйэ кубарыйан, уоттаах харахтарын умса көрөн, аҕа-
         тын  таһыгар  олорбута.  Саҥардыы  аһаан  эрдэхтэринэ,  таһыт-
         тан тымныы тумарыгы кэспитинэн Үрүҥ Үйэн сэгэс гына түс-
         пүтэ,  бүрүнэн  тахсыбыт  оноолоох  киис  саҕынньаҕын,  уһун
         кулгаахтаах бэргэһэтин көхөҕө ыйаат, ийэтин аттыгар олорон,
         аһаабытынан  барбыта.  Аабый  Дархан  кыыһа  аһылыгар  хойу-
         таан киирбититтэн иэдэс биэрбитэ:
            — Аһыыргын даҕаны умнан, ити чаҕардар дьиэлэригэр туох
         айылааҕы буллуҥ? — дии тоһуйбута.
            — Биһилэх кутуһа оонньоотубут… — Үрүҥ Үйэн, бэрики бу-
         руйдаммыкка холуйбакка, хардарбыта.
            — Бачча  улахан  киһи,  дьиэҕэр  даҕаны  көмөлөспөккүн.  Ту-
         ра-тура оонньуу да оонньуу буолан.
            Үйэн,  аҕатын  диэки  кылап  гына  көрөн  баран,  тугу  да  хар-

                                                                      119
   114   115   116   117   118   119   120   121   122   123   124