Page 124 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 124
кыттыспат кэпсэтиилэригэр кытыараары гыммыттарыттан куо-
та көтөн, туран барбыта. Кыргыттар, кэпсэтиини эмиэ сэр-
гээбэккэ, хаппахчыларыгар киирбиттэрэ.
— Эһэм, сиэннэриттэн эрэ миигин сөбүлүүрэ, баара эбитэ
буоллар, мин этиибэр сөбүлэһиэ этэ, — Марҕа этиитин эбии
чиҥэтэн биэрбитэ. «Ол гынан баран, оҕонньор өлөөрү сытан
кэс тылын этэригэр ол туһунан тугу да саҥарбатаҕа. Аҕам
оҕонньор ырааҕы ырыҥалыыр, инникини түстүүр долоҕойдоох
өйдөөх этэ», — диэн, Тыгын санаан ааспыта. Ол гынан баран,
ону даҕаны этэн, ити түҥ хааһах тугу өйдүөн.
— Аҕам Тыгын, ити мааны уолаттаргар өлүү-ханыы тарды-
һарыҥ буолуо гынан баран, сүөһү ииппэт, баай байбат хаан-
наах дьону көрөбүн. Эһэм баайа Чаллаайылаах Бөдьөкө илии-
лэригэр киирэн, олус чэчирээбэтэх баҕайылара ини. Сүөһүнү
көрдөххө-иһиттэххэ, кини иннэ диэн сүүрдэххэ-көттөххө сүөһү
буолар, үрүҥ-хара сүүрүк тыа кыылын курдук көнньүнэн үөс-
кээбэт.
Тыгын киһи-хара оҥостуох, умса түстэҕинэ сүүһүттэн өйүөх-
тээх, тиэрэ түстэҕинэ кэтэҕиттэн өйүөхтээх баар-суох уолат-
тарын саҥартаран дьэбидис гына түспүтэ.
— Эн инилэриҥ туһунан хатыылаах тыллары саҥарыа да
суох эбиккин, ама да баай-дуол иннэ буоллар, — кини нүһэр-
дик саҥарбыта. — Оттон эһэҥ баайын-дуолун үллэстии туһу -
нан эттэххэ: сүөһү-ас тус-туһунан илиигэ киирэн бытарыйыа-
ҕынааҕар, биир илиигэ тутуллубута ордук. Эйиэхэ диэн эт-
тэххэ, кырдьыгы кистээбэтэххэ, үгүс сүөһүнү туттар, кэлэр-ба-
рар сахтар биһигини күүтэллэр. Ол да иһин, аҕам муспут
баайын-дуолун эһиэхэ түҥэппэккэ, бэйэм эрэ бас билэр са-
наалаахпын.
— Аҕаа, бу эн хаһан баран-кэлэн бүтэҕин, түптээх олоҕу
олороҕун? Сааһырдыҥ, нороҕодуйар, түспэдийэр да кэмнэр
кэллилэр эбээт! Эдэр, мэник-тэник уолаттардыы, мэлдьитин
ыҥыыр үрдүттэн түспэт диэн туох аатай? — Марҕа, аһыы олор-
бут кытыйатын антах анньаат, хомуруйардыы саҥарбыта.
— Бачча тухары өйдөөбөтөх буоллаххына, ол мин киһи сыл -
дьар сырыыбын, уһун чүөмчүбүн аны кэлэн ситэн өйдүөҥ
дуо? — ити тылларын Тыгын хомойбуттуу эппитэ.
— Олус сэнээмэ, — Марҕа кинини аҕата, туой, кылгас, кы -
ра ычалаах курдук көрөрүн иһин, кыыһыран охсурҕалана түс-
пүтэ. — Ити эрээри мин бэркэ билэбин ээ: ол эн уолаттаргы-
ныын сылдьар сырыыларгыттан баай-дуол эбиллэн кэлбэтин,
тыалынан киирбит үгүс өттүгэр холоругунан тахсааччы.
124