Page 125 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 125
Кэпсэтии улам кытаатан испититтэн Аабый Дархан, ийэ
киһи, дьаарханан барбыта, эр дьон кэпсэтиилэригэр соччо
кыттыспат бэйэтэ, бу сырыыга кэлэн орооһоругар тиийбитэ.
Улахан уолун сэмэлиирдии саҥарбыта.
— Тукаам, Марҕаа, эн бэйэҥ даҕаны сөбүгэр сүөһүлэнниҥ-
астанныҥ, олус баһыспатаргын, өрүскэлэспэтэргин да сөп этэ.
Марҕа ордук абааһы көрөр тылларын ийэтиттэн истэн, аны
киниэхэ болооччутук эргичис гына түспүтэ.
— Мин ол аҕыйах сылгыбар-ынахпар хараххытын ааллар-
даххытын. Сүүһүм көлөһүнүн уллуҥахпар аҕаан, уллуҥаҕым
көлөһүнүн сүүспэр аҕаан, ол аҕыйах тоҕунукаан сүөһүлэмми-
тим диэхтээн, сирэйгэ-харахха анньылларга сырыттаҕа.
— Ок-сиэ, тукаам, саҥаҥ тугун сүрэй? — эрэ диэбитэ Аабый
Дархан, хаҥас диэки оронугар баран иһэн. — Хайдах тылым
диэн тылластаҥый? Хайа, эһэҥ тыыннаах тулаайахтара — кэр-
гэнэ, үс уолаттара эмиэ бааллар эбээт!
— Ол кинилэр — соҕотох дьахтар, уу ньуулдьаҕай оҕолор —
аҕалара муспут баайын кыайан көрбөттөрө-истибэттэрэ эрэ-
бил. Баай даҕаны эрэллээх эр киһи илиитигэр төлөһүйэр.
— Бэрт сотору үс уол улаатыахтара, дьон буолуохтара. Би-
лигин биһиэхэ сыстан сырыттынар ээ.
— Ону эһиги хайгыыр-таптыыр Чаллаайылаах Бөдьөкөҕүт
ый ыһыаҕа, күн күдэнэ гынан аҕыйах сылынан бүтэрэллэр ини.
Аҕа киһи балачча туттунан олороро. «Көр эрэ маны! Бу
тылын-өһүн! Ынаҕын сааҕар буламмыт, онтон өйө өрө көп-
пөтөх баайтан итинтэн ордук тыл-өс тахсыа дуо?» — дии са-
ныы олорбута. Ол эрээри таһыгар ону таһаарбатаҕа.
— Албан аат ааттанарын, дьоһун сурах дьохсойорун инни -
гэр, Хаҥалас улуу ууһа күлүктээхтик көстөрүн туһугар сырыы
сылдьар, суолу тобулар инилэргин итинник этэриҥ сыыһа.
— Искэ тоорохойо суох сылдьан, кураанаҕынан киэбириэх-
тээҕэр баай байбыт, олох олорбут ордук, — Марҕа иннин
биэр бэтэҕэ.
— Ынах сааҕар көмүллэн сытыахтааҕар, аллаах ат соргулаах
уорҕатыгар дьолуо былдьаспыт быдан ордук буолбатах дуо?
— Кылыгырас-халыгырас тимири иилинэн баран, эттээх ат
үрдүгэр олорон төттөрү-таары көтүтэн, байыаҥ-тотуоҥ суоҕа.
Үлэлээн-хамсаан үрүлүйдэххинэ, сылгыгын-ынаххын көрдөх хү-
нэ эрэ бу дойдуга дьон кэккэтинэн олоруоҥ.
— Ок-сиэ! Былыргы ордуос-дохсун санаабытын, уһун-киэҥ
чүөмчүбүтүн охтон баранар мастаах, уолан быстар уулаах бу
татым олохтоох сиргэ кэлэн сүтэрэн эрдэхпит бэрдин! — аҕа
125