Page 127 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 127
айаа таата, соноҕос буолан дьохсооттоото: ким барыта кинини
дьоллоох Туймаада эбэ хотун баһылыгын Тыгын Дархан ааты-
нан билэр.
Кини аччыгый уолаттара, Чаллаайы уонна Бөдьөкө, удьуор
харалылар, кини туйаҕын хатарыах, кини аатын ааттатыах
курдуктар. Улахан уола Марҕа курдук ынахтарын-сылгыларын
кутуругуттан тутан баран сытыа суохтар. Соноҕос ат чуораа-
дыйар туйаҕа тиийэринэн барыах-кэлиэх — аҕаларыгар икки
дайбыыр кынат буолуох быһыылаахтар. Оннук эрэ буоллу-
нар — харса буурай санаалаах халыҥ Хаҥалас улуу ууһугар
тумус дьон аатын ылан баһылаан-көһүлээн сырыттынар!
Тыгын Дархан бүгүҥҥү санаата итинэн түмүктэнэн, сылбай
уутугар сытан сынньаммыта.
Тылбытын байытабыт
Одуну ойууҥҥа албаска куоһана — одуну ойуун албаһыгар
уһуйулла, үөрэнэ.
Нороҕодуйар, түспэдийэр — боччумурар, налыйар, уоскуйар,
бытаарар.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. «Тустуһунан алаастар, үрэхтэр устун саах балаҕаҥҥа
саспыт, бу эн курдук татым өйдөөхсанаалаах дьоннор
олус үксээтилэр» — диэн Тыгын уолугар этиитин түгэх
санаата тугуй?
2. «Мин атыны өйдүү сатаабаппын: миэхэ ынахпын, сыл
гыбын хайдах сыл таһаарарым — ол мин өйбөр баар.
Үрүлүйбүт баайбындуолбун үксэтэр, үлүннэрэр. Онтон
ордук кыһалҕа суох. Ол да сөп гынар» — диэн Марҕа олоҕун
сыалын быһаарарга холонуҥ.
3. «Өйсанаа күннээҕи олох кыһалҕалаах кычымыттан кыа
йан өрө көппөт соро кэллэҕэ. Булбут эрэ муннун анныгар,
онтон ордук өйдөммөт үлүгэрэ. Атах тумсуттан ырааҕы
анаарбат алдьархай» — айымньы сүрүн дьоруойун дьик-
синиитин төрүөтүн ырытыҥ.
4. Сэрии уонна Ил туһунан Тыгын толкуйун, санаатын булан
сурунуҥ.
127