Page 131 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 131

Үтүөкэн  күн  үөһэ  ойбутун  көрөн,  оҕонньор  үөрэн  саҥа  ал-
         лайда. Муус устар ый эргэтэ, ол эрээри хаар ханан да суох.
         Бэл,  чалбах  кууран  эрэр.  Дьыл  кэлэр  кэмигэр  кэлэрэ  ордук.
         Олус эрдэлиирэ хойукку хатааһынынан туолуйуон сөп. Быйыл
         да саарбах.
            Охоноон  РайПО  ичигэс  ыскылаатыгар  Огдуо  эмээхсини
         кытары  оһох  оттооччунан  үлэлиир.  Быйыл  кыһын,  тымныы
         саҥа  кылааннанан  эрдэҕинэ,  ититэр  систиэмэлэрин  турбата
         хайа тоҥон, араллаан бөҕө тахсыбыта. Этэллэринэн, сүүһүнэн
         тыһыынчалаах хоромньу тахсара тирээбитэ. Хата, алҕас көтүл-
         лүбэккэ хаалбыт, уонча сыл оттуллубатах кирпииччэ оһохтору
         өрөмүөннүү, күллэрин ыраастыы охсоннор быыһаан тураллар.
            Огдуо оһохторун оттон, сабан барбыт. Дьиэтигэр сүөһү бө-
         ҕөлөөх  буолан,  түбүк  бөҕөҕө  сылдьаахтыыр.  Хата,  маладьыа-
         һыҥ баара, мас кыстаабыт, тымтык бөҕөнү тыырбыт.
            Охоноон,  иллэҥ  оҕонньор,  оргууй  аҕай  ыалдьар  илиитин
         доргуппат гына сэрэнэн туттан мас хайытар, сааһылыыр. Аны
         кыһын ааһан, оһох суолтатыгар эрэ оттуллар буолан, үлэлэрэ
         быдан чэпчээн турар.
            Киэһэ, кыһыл чохтор күөх төлөннөрө сөҕүрүйэллэрин кэтэһэ
         таарыйа, эмиэ илиитин имэринэ олорбута.
            Сарсын  сарсыарда  быһа  хонтуораҕа  тиийэн,  Маай  быраа-
         һынньыгыттан  уоппуска  көрдүөхтээх.  Сыллата  баччаҕа  ылбыт
         ылыыта,  ыыталлар  ини.  Билигин  үлэтэ  да  бүтэн  эрэр.  Бэл,
         урут тутуу төһүү үлэһитэ эрдэҕинэ тутуспаттара.
            Охоноон  бу  уонча  сылтан  бэттэх,  уу  кэлиэн  иннинэ,  өрүс
         арыытыгар  киирэн  сааһыыр  идэлээх.  Быйыл  эмиэ  мотуор-
         даах оҥочотугар балааккатын, утуйар таҥаһын, мончуугун, ол-
         бу тэрилин тыраахтарынан эрдэ тиэрдибитэ.
            Онно барарын санаатаҕына, түөһүн иһэ сып-сылааһынан туо-
         ларга  дылы.  Иннигэр  оннук  улахан  үөрүү  кэтэһэриттэн  туох-
         ха  да  холооно  суох  үөрэрэ,  хаһан  да  үөрбэтэх  үөрүүтүнэн,
         өтөр-наар иэйбэтэх иэйиитэ эргийэр. «Оҕотугар түспүт оҕон-
         ньор»  диэн  бэйэтиттэн  бэйэтэ  сонньуйан  ылар.  Ол  да  иһин
         кини билигин барыахтаах болдьоҕун кэтэһэн, күнүн ааҕар.
            Үчүгэй!  Иннигэр  итинник  улахан  үөрүү  кэтэһэрин  санаа-
         таххына,  түөһүҥ  иһэ  минньигэс  баҕайытык  сылыйан  кэлэр.
         Хараҕар эбэ модун таһаата нэлэһийэ-хотоһуйа сытарга дылы:
         сүүрүк эриллэр дьигискэнэ, муус мууска хабырыйсар тыаһа.
            Үрдүк Арыы — Охоноон төрөөбүт сирэ. Лоп курдук баччаҕа
         төрөөбүт  үһү.  Ону  оҕустаах  сыарҕанан  сайылыкка  көһөллөрү-
         гэр Үрдүк Аартык аннынааҕы кумах үөскэ уу анньан арыычча

                                                                      131
   126   127   128   129   130   131   132   133   134   135   136