Page 128 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 128
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
1. «Тыгын Дархан» арамааҥҥа кэпсэнэр историческай кэм
уратытын булан иһитиннэрии, ырытыы.
2. Тыгын уолаттарын туһунан бүччүм санаатын булан ыры-
тыҥ. Тыгын толкуйа арааһын дьүүллэһиҥ.
3. «Өргөскылаан санаа, өркөн өй — Тыгын эдэр эрдэҕиттэн
үлүһүйбүт, кутун туттарбыт да суоллара буоллаҕа» —
диэн санаа тула кэпсэтиҥ.
4. «Алаастар, үрэхтэр бастарынан бытарыйан, ыһыллан мо
дун санаа бохсуллубатын, күүстээх санаа көҕүрээбэтин
туһу гар бииргэ сомоҕолоһон, бииргэ түмүллэн, күргүөм
көҕү — Улуу Или тэрийиэххэ, олохтуохха баар этэ» —
диэн Тыгын Дархан ыра оҥостубут киччэм санаатын би-
лиҥҥи сайдыылаах кэм киһитин көрүүтүнэн анаарыҥ.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Талан толоруҥ:
1. «Атах тумсуттан ырааҕы анаарбат алдьархай» — тыл этии.
2. «Ил тэрийэргэ өргөс кылаан санааны, өркөн өйү — суолдьут
сулус оҥостуу» — өйтөн суруйуу.
3. «Туймаада аҕа баһылыга Тыгын Дархан түүлээх чөмчөкөтү-
гэр кииртэлиир дириҥ санаалара» — толкуй сурук.
Аах. Бил. Туһан
1. Березкин Г. И. Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээн-
нэрэ. — Дьокуускай : Кинигэ издвота, 1977.
2. Васильева Д. Е. Далан: олоҕо уонна айымньыта. — Дьокуус
кай : ГУП «Полиграфист», 1998. — 258 с.
3. Д. Васильева. Улахан суол төрдүгэр // Хотугу сулус. —
1998. — 4 №. — С. 96—98.
4. Ксенофонтов Г. В. Эллэйада. Материалы по мифологии
и легендарной истории якутов. — Москва : Наука, 1977.
5. Эргис Г. У. Очерки по якутскому фольклору. — Москва :
Наука, 1974.
128