Page 129 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 129

НИКОЛАЙ АЛЕКСЕЕВИЧ ЛУГИНОВ
                                      (1948)


            Саха  норуодунай  суруйааччыта,
         про заик, драматург Николай Алексее-
         вич  Лугинов  Кэбээйи  улууһун  Тыайа
         нэһилиэгэр  1948  сыллаахха  атырдьах
         ыйын 14 күнүгэр төрөөбүтэ. 1972 сыл-
         лаахха  Саха  судаарыстыбан най  уни-
         верситетын     физико-математи чес кай
         факультетын бүтэрэн, орто ос куо лаҕа
         математика  учууталынан,  хомсомуол
         Саха сиринээҕи кэмитиэтигэр инструк-
         торынан үлэлээбитэ. Маҥнайгы бө дөҥ
         айымньыларыттан биирдэс тэрин «Нуо-
         ралдьыма чараҥар» сэһэни 1975 сыл-
         лаахха  суруйбута.  Манна  сэрии  кэн-
         нинээҕи кэм лириичэскэй иэйиилээх ойуулааһыҥҥа арыллар.
         Айымньыга  суруйааччы  кэнэҕэски  айар  суолун-ииһин,  истии-
         лин  уратылара  чаҕылхайдык  көстүбүттэрэ:  ааспыты  уонна
         би лиҥҥи  кэми  дьоруой  уйулҕатын  нөҥүө  аһарыы,  символ
         уоба раһынан  төрөөбүт  дойду  уобараһын  дириҥэтэн  хоһуйуу,
         норуот сиэрин-майгытын, муудараһын түмэр кырдьаҕас киһи
         уус-уран  мэтириэтин  сюжет  сайдыытыгар  быһаччы  сыһыа-
         ран,  айымньы  устатын  тухары  сыыйа  ойуулааһын.  Николай
         Лугинов  бу  сэһэнэ  ааҕааччы  болҕомтотун  тардыбыта,  кирии-
         тикэ биһирэбилин ылбыта. 1979 сыллаахха «Нуоралдьыма ча-
         раҥар» тус па кинигэнэн тахсыаҕыттан суруйааччы аата киэҥ-
         ник биллэн барбыта.
            Н. Лугинов  проза  бары  жанрдарыгар  тахсыылаахтык  үлэ-
         лиир. Кини кэпсээннэрэ, сэһэннэрэ, арамааннара олох араас
         араҥатын сонуннук, ааҕааччыны бэйэтин толкуйдатар тосхол-
         лоохтук  суруллубуттар.  Суруйааччы  утумнаахтык  туттар  уус-
         уран  ньымаларыттан  биир  суолталаахтарынан  саастаах  дьон
         уонна  аныгы  көлүөнэ  өй-санаа,  сиэр-майгы  эйгэтигэр  ура-
         тылаһыыларын  тула  айымньы  сүрүн  конфлигын  сайыннарыы
         буо лар. Ол иһин ырытааччылар Н. Лугинов кырдьаҕас дьоҥҥо
         суруйааччы быһыытынан болҕомтотун үгүстүк уурарын бэлиэ-
         тииллэр.  Кырдьык,  сааһырыы  уобараһа  кини  айымньыла-
         рыгар  куруук  баар  диэххэ  сөп.  Холобур,  «Нуоралдьыма  ча-
         раҥар»  —  Ньургун  эбэтин,  «Таас  Тумус»  —  Тойбол,  «Үрдүк
         арыылар»  —  Охоноон,  «Оҕонньор  мичээрэ»  —  Сылкан  уоба-
         растара билиҥҥи кэми ордук итэҕэтиилээхтик ойуулааһыҥҥа

                                                                      129
   124   125   126   127   128   129   130   131   132   133   134