Page 136 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 136
ньуйа, онон-манан мууһунан кылбайар, кумаҕынан туртайа сы-
тар үөстэри кэриччи көрө-көрө кэҥэриитэ кычыгыланан кэллэ.
Маачаха ийэ уолу туора дьон билэринэн мөҕөрө-этэрэ иһил-
либэтэр да, уончалаах Миитэрэй, тоҕо эрэ, дьиэтигэр аанньа
тохтообокко, үксүн ыалынан хааман хаалбыта. Ырааҕынан ай-
махтыы буолан, үксүгэр Охонооннооххо сыстан сайылыыра.
Күһүнүн Охонооннуун оройуон киинигэр киирэн үөрэнэн,
интэринээккэ кыстыыллара уонна саас, көтөр кэлиитэ, дой-
дуларын ахтан ахан эргиллэллэрэ. Оо, оччотооҕу үөрүү сыр-
дыгын ырааһын… Аны санаатахха, оччотооҕу үөрүү уу кур-
дук, от-мас курдук харахха көстөрүн-биллэрин ааһан, киһи ол
үөрүүнү өссө тутан-хабан, көтөҕөлөөн көрүөх курдуга. Ол да
киһи өйүт тэн-санаатыттан сүппэт быһыылаах. Саныы түстэр-
гин эрэ мичээрдээн, итийэн-кутуйан, манньыйан бараҕын.
Миитэрэй барахсан дьиҥ бэйэтин бэрдинэн сыралаһан,
үөрэх бөҕөнү ситэн, билигин бүтүн оройуон киэн туттар киһитэ
буолла. Кини салалтатынан сүүрбэччэ эрэ сылынан Саха сирин
үрдүнэн бүтүннүүтүнэн ынах, сылгы сүөһү боруодата тупса-
рылынна. Киһи эрэ сөҕөр үлэтэ-хамнаһа. Инньэ да гынан бу
кэлин тыа олоҕо тосту уларыйда.
Саха боруодата диэн кырата-куйата, ааста эрэ диэн эмиэ
сор сүөһү этэ. Үүт-ас да кырыымчык, эт да кэмчи. Биирин
үксүн онон да тиийбэт тирэһэ, тарпыт тараһа буолан олор-
буппут.
Ол эрээри ити туһунан бэйэтигэр эттэххэ, Миитэрэй сө-
бүлээбэт. Үнүрүүн эмиэ курус гына түспүтэ. Дьиҥ иһигэр туох
эрэ Охоноон сатаан өйдөөбөтө баар быһыылаах. Уопсайынан,
Миитэрэй ис санаатыгар дэбигис быһаарыллыбат мучумааҥ-
ҥа түһэ сылдьара чахчы.
Олоҕо-дьаһаҕа да, омос көрүүгэ, хайдах эрэ сатаҕайга
ды лы. Улахан куорат син биир сис ыалын олоҕун туораттан
көрөөт, хантан быһа-хото быһаарыаҥый эрээри, Охоноон үнүр
хоноору бэри-бэркиһээн тахсыбыта.
Кэргэнэ, кыыһа аҕаларын бөрүкү ытыктаабаттарын ааһан,
отой да улахаҥҥа уурбаттара санааҕа баппат. Дьиибэ баҕайы,
тоҕо оннугун Охоноон толкуйдуу сатаан биэрдэ эрээри ончу
тобулбата. Дьахтар буоллар, эригэр холоотоххо, кыра үөрэх-
тээх лаборант дуу, туох дуу? Ол эрээри оҕонньорун кур түү
курдук этэн кэбиһэр. Саатар, туора киһи баарыттан да тарды-
ныах эбит. Кыыһа ийэтиттэн хаалсыбат. Үөрэҕин бүтэрэ или-
гиттэн кэргэннэммит. Ону аҕата туспа дьиэ ылан биэриэхтээҕэ
кыалла илигиттэн кыыһыраллар эбит. Кыыс, эдэр оҕо диэ-
136