Page 141 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 141
Иннилэригэр сырыынньа налыы намтал ыраахха диэри нэ-
лэһийэрэ. Кэннилэрэ суорба таас хайа, уҥа өттүлэригэр муора
көҕөрөрө. Ол — бэс ыйын 18 күнүгэр этэ.
Чаҕылыйан үтүөкэн да күннэр этилэр. Муора уу чуумпу
ньуура ырааххыы диэри килбэйэн, ып-ыраас халлааны кыта-
ры силлиһэрэ. Бүттэтэ суох хара буорунан, буруонан-тараа-
нан будулуйар сиртэн бүүс-бүтүн ып-ыраас муора хараҕы
тардарыттан дууһаҕа туохтааҕар да ордук аймалҕан ньүөлүйэн
киирэн, олох өрүһүлтэтэ суох иҥнэстэн, бу чэп-чэгиэн бэйэ-
лэрэ иннилэрэ-кэннилэрэ куоһанан, барар-кэлэр, сирэр-талар
кыахтара быстан эрэрэ көстөргө дылыта.
Онтон бэттэх эҥкилэ суох уу килэркэй ньуурун көрдөр эрэ
түөһүн иһигэр дуу, арыый көхсүн хараҕын диэки дуу туох эрэ
ньүөлүйэн киирэн, кэлин устунан төрүөтэ суох айманан-сайма-
нан барар. Ол Хотугу Муустаах Байҕал да буоллун, бу эбэтин
да сааскы толору ньуура буоллун.
Маҥнай утаа хас да күн кинилэри соччо буомбалаабаттар,
арай таҥнары хойуостанан түһэр сөмөлүөттэр ытыалыылла-
ра. Онтон иннилэригэр баар чааһы эстилэр быһыылаах да,
аны кинилэри лигийбэттэр дуо? Буруо-тараа быыһыттан орпут
аҕыйах аҕай саллааттар кэлэн кинилэргэ холбоһоллор. Эдэр-
кээн баҕайы, арааһа, Охоноон бараллаата уол хамандыыр -
даахтар. Лобода диэн Охоноонноох ротнайдара уонна Головин
майор дьону мунньан: «Бу туһаайыынан биһиги тыыннаахпыт
тухары сарсын сарсыарда 10 чааска диэри манан биир да
өстөөх ааһыа суохтаах диэн бирикээс кэллэ», — диэтилэр.
Ол ыккардыгар эмиэ сэнэрээтинэн ытыалаан, ыыс-быдааны
тоҕо тардаллар. Бастаан утаа өйгүттэн тахса сыһан тугу да
өндөйөн көрөр суох, умса түһэн баран сытаҕын. Өй мэйдээх
тулуйбат алдьархайа. Ол эрээри киһи обургу туохха үөрэммэ-
тэҕэй, кэнникинэн кэм уоскуйа быһыытыйаҕын.
Сөмөлүөттэр саба көтөн кэллэллэр эрэ Охоноон окуопатын
түгэҕэр түһэр. Ол сытан эргийэ-эргийэ таҥнары хойуостанан
түһэр сөмөлүөттэри киһи ытан көрүөх эбит диэн кыһыйа са-
наабыта. Үһүс дуу, төрдүс дуу эргиирдэригэр окуопа кытыы-
тыгар бинтиэпкэтин өйөөн бастакы сөмөлүөт субу сараадыйан
эрдэҕинэ, кэбиинэҕэ олорор лүөччүгү, түөһүн тыла буолаарай
диэн, сыыйа чыыбыһын тардар. Өс киирбэх бурҕалла түспэт
дуо? Дьон онтон-мантан кыймаҥнаһан тахсан, буордарын ил-
гистэн тэбэнэн эрдэхтэринэ, ротнайдара Лобода ойон кэлэн
уохтаах-кылыннаах баҕайытык:
— Ким ытта?! Ким ытта?!! — дии-дии эргичиҥнээбитэ. Охо-
141