Page 138 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 138
* * *
Арай, диэбиккэ дылы…
Арай… Сэрии буолбатах буоллун? Оччоҕо хайдах эрэ олох
ньиргийэр этэ. Киһи сатаан санаабат. Олус да кэҥээн дэлэ-
йэн, ыччат үксээн, олох оннун булан иһэн иинэн-хатан, муо-
муран хаалла.
Бу дойду онтон бэттэх адьас иччитэхсийдэ дии. Бэл, аны
аныаха диэри өрүттүбэтэ. Түөрт холкуостан тардыллан ити
биир сайылык бөһүөлэк хаалла. Үгүстэр оройуонунан-куора-
тынан, хотунан-соҕуруунан тэлэһийэн баран-кэлэн бараннылар.
Оттон Охоноон… Охоноон бэйэтэ хайдах буолуох этэй?
Ол туһунан аныаха диэри, тоҕо эрэ, саныан саллара. Ону
санаатаҕына, ол санаа кинини айгыратыан, аймыан сэрэйэн
дьиксинэрэ.
Билигин эрэ, ити Матаахап ситиспит докумуонун эрэ кэн-
ниттэн… Миитэрэй өрүү этэригэр дылы кини чахчы уһулуччу
оҕо этэ. Уһулуччута диэн эргиччи дэгиттэр дьоҕурдаах, туох-
ха сыстыбытыгар барытыгар бастыҥ кини буолан иһэригэр
эбитэ дуу? Үөрэҕэр өрүү туйгун үөрэнээччи кини, успуорка
бастыҥнара. Аны ырыаһыта, үҥкүүһүтэ…
Урукку ол оҕотук эрдэҕинэ, тугу эрэ улаханы оҥоруохтуу
хотоойу санаабытын алҕаһын кэлин бэйэтэ көрдө. Олоҕу тосту
тупсарар, уйгуну эмискэ дэлэтэр судургута суоҕун олох бэйэтэ
көрдөрдө.
Көрдөрөрүн көрдөрдө эрээри Охоноон дөксө даҕаны итэ-
ҕэйбэт. Сэрии кэнниттэн түөрт уонтан тахса сыл ааста, онтон
кэлин сүүрбэ биэс сыла баҕас оҥкуллаахтык, кэскиллээхтик
үлэлииргэ кыах, үп барыта наһаа да дэлэйбэтэр син баара ээ.
Ол гынан баран, отчут-масчыт, ыанньыксыт үлэтэ тосту ула-
рый да, тубуста дуо? Суох! Суоҕа чахчы.
Туох эмит саҥа сонун тиэхиньикэ баарын иһин барыта
тиий бэт тирэһэ, таппат тараһа курдук, кыыкынаан-хаахынаан,
санаа хоту, лып-лап курдук буолуо дуо? Суох! Ити ИТС-та-
ра, ити үүт ыыр аппарааттара барыта мүччү-хаччы, нэһииччэ-
арыычча. Аныаха диэри дьиҥнээх үчүгэй хотон бырайыа-
га суох. Эбэтэр гигантомания комплекстара, эбэтэр үс-биэс
сылынан тимирэн, устан хаалар мас хотоннор…
Абалаах баҕайы…
«Туох да үлэҕэ кыттыбатах, туораттан куолулуур киһи өрүү
кириитикэнэн, өрүү оруо-маһы ортотунан тыллаах-өстөөх буо-
лар», — диэн, Охоноон хаста эмит истибитэ эрээри, кута-сүрэ
батарбат, хайдах да эйэлэһиэн баҕарбат.
138