Page 122 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 122
бохтонорун, өлүү-сүтүү сөрүөлэнэрин курдук саныыллар. Арай,
кинини абаҕата, сир түннүгэ, Одуну ойуун эрэ өйдүүр…
Тыгын Дархан уйаара-кэйээрэ биллибэт уһун-киэҥ Саха
Урааҥхайдар олохсуйбут сирдэригэр эйэлээх олох, иллээх
быһыы-майгы туругурарын, тэргэн суоллар тэлэллэллэрин, ай-
дам аартыктар арыллалларын баҕарар. Ким урут охсубут, ким
уоран саба түспүт, ким күүстээх — ол тойон буолар өргөстөөх
үҥүүнү өрө туппут, кылааннаах батаһы кыбына сылдьар, кыр-
гыс-илбис кэмнэрэ ааһан, дьон куттаммакка-тардыммакка бэ-
йэ-бэйэлэригэр ыалдьыттаһар, уруурҕаһар-аймахтаһар, Баай
Хара Тыаҕа көҥүл бултуур, Күөх Далайга көҥүл балыктыыр
кэмнэрэ кэлиэхтэрэ диэн эрэнэр. Ол иһин үтүө сааһын онно
бараата. Ол оннук ырата кырдьар сааһыгар, өлөр үйэтигэр,
дьэ түмүктэниэх курдук буолан эрэр.
Бэрт дьон мэҥэлэри кытта Марҕалаах Унаалдьыйаны хол-
боон, уу да тэстибэт гына уруурҕаста.
Нам систэрэ Көдөгөр оҕонньору уонна Муоҕан эмээхсини
кытта эмиэ уруу туһунан кэпсэтиһэ сылдьар. Кинилэр уолла-
рын Мамыгы хайдах эрэ олохтоох тыллаах-өстөөх, төһө да эдэ-
рин иһин ырааҕы өтөрү көрөр өйдөөх киһиэхэ холуйар.
Боотур Уустар баһылыктарын Аан Өрүөчэй уолун Батаһы ити
тутан бэйэтин илиитин иһигэр илдьэ сылдьар.
Тыгын охсор илиилэрэ буолбут наахаралар Амма эбэни
баһылаан эрэллэр.
Арай, ити Бороҕон Дьуотту уустарын бастаахтара кини са-
наатын ситимин кэстилэр. Өскөтүн быһайын Лөкөй Тойон уолу-
гар кини кыыһын ойох ылан, уруурҕаһан кэбиспит буоллун.
Саха Урааҥхайдар сирдэрин үрдүнэн хааннаах им буолан аар-
тык-аартыктары бүөлээн турар кыргыс үйэтин хааннаах миҥэ-
тин кырыыстаах күлүгэ халбарыйыа этэ. Ону баара…
Дьиэ таһыгар сыарҕалаах ат кэлбит тыаһа иһиллибитэ, он-
тон киһи тэбэммитэ.
— Хоноһо кэллэ! — Үрүҥ Үйэн ким-хайа иннинэ айахтап-
пыта.
«Бачча хойут эмиэ киммит кэллэҕэй?» — Тыгын дириҥ-да-
лай санааҕа түһэн олорорун быһан кэбиспиттэрин сөбүлээбэ-
тэҕин таһыгар таһааран, көхсүн этитэн ылбыта.
Ааҥҥа атах тэбэнэр, кырыа илбинэр тыас иһиллээт, таһыт-
тан Тыгын улахан уола Марҕа Баай киирэн кэлбитэ. Бу мааны
таҥастаах, саар тэгил уҥуохтаах, тор курдук бытыктаах түөрт
уончалаах киһи, аҕатыгар, ийэтигэр сүгүрүс гынан эҕэрдэлээт,
122