Page 118 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 118
күөх, араҕас уотунан оонньоон чипчиҥнии-дьиримнии турар
сулустар, эчи, үгүстэрин! Ол бачымах сулустары хайа тыыран,
халлаан сиигэ сырдаан сандаарыйда. Араҥас Сулус кутуруга,
халлаан кулугуруур кулугута буолбут Орой Сулус ол турдаҕа.
Үс аан дойду айыллыаҕыттан ол хамсаабат хараҕа, тула өт-
төммүт сылгылар курдук, атын бары сулустар күөрчэхтии эрги-
йэллэр. Оттон атын, халлааны сырдатар чолбоннор Дьэллэҥэ
даҕаны, Мэндэҥэ даҕаны сарсыарданан тахсар идэлээхтэр.
Тымныы чолбоно, дьэ, тырыбынаахтаабыт ахан! Саҕахтан Үр-
гэл саҥа быган эрэр. Айыы Тойон, Халлаан Таҥара эҥин-эҥин
да айыылардаах буоллаҕа… Тыгын Дархан, киһи эрэ буоллар,
санаан да санаата тиийбэтэ, өйдөөн да өйө хоппото, санаа-
та-оноото муҥурданан, балаҕаныгар төннөн киирдэ. Тымныы
олустаабыт, бэл, кини бадьыр балаҕаныгар өтөн киирбит. Ол
барыта эмиэ баһын аһынааҕар кылгас санаалаах дьахтар ай-
махтан…
Былыр даҕаны эр дьон барахсаттартан модун санаалаах-
тар, өркөн өйдөөхтөр үөскүүллэр-төрүүллэр эбит…
Өргөс-кылаан санаа, өркөн өй — Тыгын эдэр эрдэҕиттэн
үлүһүйбүт, кутун туттарбыт да суоллара буоллаҕа. Үрдүк өн-
дөл маҥан халлааҥҥа тиийээри үтүмэх быстыммыт, дириҥ
үөдэн түгэҕин лүҥсүйээри лүҥсүүр оҥостуммут улуу өйдөөх-
төр, көҥүл-дохсун санаалаахтар — кини ордук саныыр, үтүктэ
сатыыр ыралара буоллаҕа, кинилэртэн биирдэстэрэ бар дьон
өйүгэр-санаатыгар олорон хаалбыт үһүйээҥҥэ-номоххо киир-
бит Уот Айах Кудаҥса этэ.
Боотур Уустар төрүттэрэ буолбут Уот Айах Кудаҥса Чачы-
гыр Таас ойууну халлааҥҥа таһааран, Тымныы Чолбонун кэт-
тэрэн турардаах. Киҥкиниир киэҥ халлаан киэбиниин бииргэ
үөскээбит, быдан дьыллар быыстарыгар, улуу хонуктар уор-
ҕаларыгар сири-халлааны кытта бииргэ айыллыбыт уоттаах
Чолбону үлтү сыстаран, Үргэл оҥорторон, улахан тымныыны
уҕарыппыта үһү. Онтон ыла Тымныы Чолбоно кыччаан-оччоон
хаалбыта, модун тымныы мөлтөөбүтэ. Букатын да кэрдэн суох
гынан кэбиһиэн биир сэлээрчэх дьахтар көрөн, Чачыгыр Таас
ойуун сүгэтэ хотумуна, билиҥҥэ диэри тымныы. Ол хайдах
буолбутун Тыгын Дархан оронугар сытан оҥорон көрдө.
Кэпсээн быһыытынан, ол эмиэ баччаларга, тохсунньу ый
сэттээх кыһыл киэһэтигэр, буолта үһү. Чачыгыр Таас ойуун
дьоннорун түннүктэрин-үөлэстэрин саптаран, оһох чоҕун көм-
нөрөн, киирэллэрин-тахсалларын бобон баран: «Тымныы Чол-
бонун кэрдэри ким даҕаны көрөр буолаайаҕыт!» — диэн дьэ
118