Page 116 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 116

Тыыннаах тыл

                y   «Олох  бары  ыарахаттарыттан  харчынан  толунан  иһиэхпит
                   дуо?» — диэн Лана этиитин ис дьиҥин ырытыҥ.
                y   Кеша Попов учууталларын туһунан санаатын булан кэпсэтиһиҥ.



                                                        АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ

                1.  «Дьикти саас» сэһэн дьоруойдарын олохторо, мөккүөрдэрэ,
                   кыһалҕалара билиҥҥи ыччаттан ураты уонна маарынныыр
                   өрүттэрин булуҥ, быһаарыҥ.
                2.  Суруйааччы оччотооҕу олох үтүө­мөкү өрүттэрин, дьон­сэр­
                   гэ  сиэрин­майгытын,  кыһалҕатын  Кеша  Попов  ыраас  ха-
                   раҕынан анаарарын ырытыҥ.
                3.  Бөһүөлэк  устуоруйатын  хомуйа  сылдьар  эдэр  ыччат  биир
                   дойдулаахтарыттан, чуолаан кимнээхтэн, олох ханнык үтүө
                   үөрэҕин, кэскиллээх сырдык санаатын иҥэриммиттэрин сы-
                   лыктаан тиэкистэн булан кэпсэтиҥ.
                4.  «Айта эбии тупсан иґэр, оттон мин псих буолан иґэбин.
                   Бэйэни  кыана  туттуохха  наада.  Воля!  Ити  наада  миэ­
                   хэ! Бэйэтин чувствотын кыайан туттуммат киґи диэн
                   эр  киґи  µґµ  дуо?  Ґнµр  ісіґіммµн  киинэ±э  барбата±ым,
                   ылыммыт  сорукпун  син  толорбутум  дии.  Јссі  Баґылай
                   о±онньордоохтон ыкса киэґэ кэлэн баран, оскуола туґунан
                   тугу истибиппин халыІ саІа уопсай тэтэрээккэ суруйбу­
                   тум ээ. Санаам кіті±µллµбµтэ» — Кеша бэйэни ииттинии
                   туһунан  санаатын  бэйэҕитигэр  сыһыаран  ырытыҥ,  кыана
                   туттуу, салайыныы туһунан кэпсэтиҥ.



                                                  АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

                1.  «Элбэҕи  ааҕар,  барыны  бары  ырытан,  ырыҥалаан  көрөр
                   Кеша Попов инники дьылҕатын сабаҕалаан көрүү» — тол-
                   куй сурук.
                2.  «Дьикти саас» сэһэни, суруйааччы истиилин тутуһан, сал-
                   гыы суруйарга холонуҥ.
                3.  «Таптал  —  үтүөҕэ,  кэрэҕэ  угуйар  сырдык  күүс»  —  өйтөн
                   суруйуу.
                4.  «Дьикти саас» уһуллубут киинэтин, испэктээгин айым ньы­
                   тыгар тэҥнээн сыанабылла суруйуҥ.

              116
   111   112   113   114   115   116   117   118   119   120   121