Page 117 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 117
5. Бөлөҕүнэн эбэтэр кылааһынан бүттүүн бырайыактаан,
«Дьикти саас» испэктээктэ туруоруҥ.
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
Уусуран литератураны чинчийиилэргэ, кириитиктэр ыста-
тыйаларыгар олоҕуран эрэпэрээттэ, бырайыакта, дакылаатта
суруйарга холонуҥ:
1. Оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ Толя Попов уонна орто үөрэ
нээччи Кеша Попов уобарастарын тэҥнээн чинчийиҥ.
2. Суруйааччы айымньыга бар дьон ытыктыыр, киэн туттар
тыа сирин боростуой үлэһит үтүө дьоно, эдэр ыччата туох
ураты майгылаахтарын, толкуйдаахтарын кимнээх уобарас
тарынан көрдөрөрүн быһаарыҥ, ырытыҥ, дакаастааҥ.
3. «Дьикти саас» сэһэн прототиптара.
Ааҕыы, сэһэргэһии
ТЫГЫН ДАРХАН
(арамаантан быһа тардыы)
ТОХСУННЬУ ЫЙ КЫҺЫЛ КИЭҺЭТЭ
Тохсунньу ый аам-даам тымныынан будулуйан турара.
Ыыс-быдаан тыыннаах, болуо муус муруннаах, хайыр ойбон
харахтаах, ураа лаҥкыр муостаах, күнү-ыйы бүөлүүр күр муус
көҕүстээх Тымныы Оҕуһа обургу, кини аҕай буолан, Хотугу
Муус Далайтан аарыгыран-айгыстан тахсан хаамыталаан хаа-
чыгыраабыт, сүүрэкэлээн лүһүгүрээбит, муннун бууһурҕаппыт,
айаатаан мэҥийбит, Орто Аан ийэ дойдуну буһурук күдэн тыы-
нынан толорбут саҕа ахан этэ.
Тохсунньу ый кыһыл киэһэтигэр Туймаада эбэ хотун дьоһун
баһылыга Тыгын Дархан багдайбыт бадьыр балаҕаныттан тах-
сан, тус хоту халлаан оройун өҥөйөр Орой Сулус диэки ха-
йыһан баадайан туран, бастаан чигдитигэр чэпчэкилэммитэ.
Ол гынан баран, халлааннаах таҥаратын диэки хантайан ба-
лачча турбахтаабыта.
Ок-сиэ! Бу үктүөтэр өҕүллүбэт, баттаатар маталдьыйбат
Орто Туруу Дьаҕыл дойду барахсан үрүт өттүнэн сабырыйан
турар үс хаттыгастаах өндөл маҥан халлааҥҥа эҥин дьикти
да баар эбээт! Үөһэ үрдүк мэҥэ халлааҥҥа эҥин-эҥин кыһыл,
117