Page 120 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 120

дарбакка,  бэйэтин  ойуулаах  хамыйаҕынан  миинин  иһэ  олор-
             бута. Ийэтэ сэмэлиирин тохтоппотоҕо.
                — Эйигин ити Боотур Уус уолун кытта олус куодарыһан эрэр
             диэн этэллэр…
                Үйэн  бу  сырыыга  сирэйэ  кытара  түспүтэ,  онтун  биллэри-
             мээри, өһүргэммитэ буолан охсурҕаламмыта:
                — Ээйиис…  Ол  барыта  Ыт  Кыыһын  хобо-сибэ.  Аны  кини
             этиитинэн сылдьыыһыбыт дии. Миигин оонньотумаары гынар
             дуо?
                Ийэлээх кыыс саҥарсыыларын аҕалара буойан тохтоппута:
                — Бэйи, эмээхсин, оҕоҕун ыыстаама, сүгүн аһат.
                Дьахталлар хам барбыттара.
                Балаҕан баһылыгын санаата букатын ыраахха этэ. Балаҕа-
             нын иһигэр буолуохтааҕар, Ытык Күөл ыалларыгар, бүтүн Туй-
             маада да үрдүнэн, бу киэһэ кинини кытта атах тэпсэн олорон,
             кини саныыр санаатыгар сөп түбэһэн сэһэргэһиэх киһи суоҕа.
             Тыгын Дархан муус болуо кыаһааннаах, өрүкүй күдэн аан бы-
             даан  тыыннаах  кырыалаах  кыһыны  сөбүлээбэт  да  буоллаҕа.
             Баҕарбатар  да,  ханна  да  барбакка,  балаҕан  түөрт  эркинигэр
             хаайтарарыгар  тиийэрэ.  Тыгын,  оччоҕуна,  сырыыны  сылдьы-
             махтаабыт,  айан  бөҕөнү  тэлэйбэхтээбит  бэйэтэ,  өйө-санаата
             балаҕанын  иһигэр  хаайтарбакка,  кини  ыырыттан  төлө  көтөн
             тахсан улуу далайдар, киэҥ дуоллар улаҕаларынан, таас дьаа-
             ҥылар  кэтэхтэринэн  эҥсэн  кэлэрэ.  Орто  дойду  кэриимин
             ситэрэн,  үөһээ  дойду  үгүс  хаттыгастарыгар  ыттара.  Аллараа
             дойду Ньүкэн Үөдэн түгэҕэр түһэн умсаахтыыра. Бэйэтэ ханна
             да барар кыаҕа суоҕун иһин, модун санаатын алыптаах күүһэ
             барахсан кинини ханна-ханна тириэрдибэтэҕэй?!
                Ол  да  иһин,  Тыгын  кыһынын  түрбүөннээх,  түбүктээх  сы-
             рыыларыттан  уоскуйан  тохтуур  кэмигэр  улуу  олоҥхоһуттары
             мунньан  олоҥхолоторо.  Улуу  ойууннары  ыҥыртаран  кыырда-
             рара.  Биитэр  сир-дойду  сиксигин  кэрийбит  дьон  киэнэ  мон-
             доҕойдоохторун — үс кырыылаахтарын, түөрт уһуктаахтарын —
             аатырбыт  айанньыттар  кэпсээннэрин  истэрин  сөбүлүүрэ.  От-
             тон  олортон  хайалара  да  суох  буоллаҕына,  модун  санаатын
             кынатыгар  уйдаран,  урукку-хойукку  сахтары  өйдүүрэ  биитэр
             инники кэмнэри билгэлиирэ. Ол онуоха киниэхэ саныаҕар са-
             наата, өйдүөҕэр өйө баай, дэлэй этэ.
                Кини аҕата Мунньан Дархан билигин өбүгэлэрин сирдэри-
             гэр Үтүгэн төрдүгэр тиийэн сырыттаҕа. Ыҥыырдьыт уола суох
             ыытан  эрэйи  көрдөрөн  эрдэхтэрэ  дуу?  Аҕата  оҕонньор  кэс
             тылын  Тыгын  өйдөөн  кэлбитэ.  Хара  будун  уонна  Ил.  «Өбүгэ-

              120
   115   116   117   118   119   120   121   122   123   124   125