Page 121 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 121
лэр ситимнэрэ быстыа суохтаах, оҕолор аҕаларын суолларын
салгыахтаахтар. Аҕалар ситэ оҥорботохторун кинилэр ситэн
оҥоруохтаахтар. Олох диэн оннук».
Сэриитэ суох Или тэрийбэккин. Сэрии уонна Ил түүннээх
күнүс, кыһыннаах сайын курдук сиэттиһэ сырыттахтара үһү.
Тыгын бу Орто Аан ийэ дойдуга олорбутун былаһын тухары ити
икки өйдөбүллэри сыһыары тутан, олоххо-охсуһууга киллэрэн
өйдүү-саныы сатаата. Кини сылдьыбыт түөрт уон түөрт түр-
бүөннээх сырыыларыгар ити өйдөбүллэр тимэхтээх тиэрбэс
курдук төлөрүйбэттик бииргэ эргичиһэн таҕыстылар.
Аҕата Мунньан Дархан өлөрүгэр Иллэ тэриниҥ диэбитэ. От-
тон ол кыаллар үһү дуо? Өбүгэ саҕана Үтүгэн үөһүгэр, Эргэнэ
хонууга, Баргы өрүскэ бары аҕа уустара иллээхтик олорбут
эбит буоллахтарына, былдьаһыктаах сыллар мындааларын
сахтарыгар Урааҥхай Сахалар, аан талҕа көтүппүт хаппыт сэ-
бирдэҕинии, дойду-дойду ахсын буралла ыһыллан хаалбыт-
тар. Ол былдьаһыктаах сыллар мындааларын миинэн кэлбит
улуу уустар бу Туймаада хочотун булаат, мэччирэҥнээх хонуу-
га киир бит, көрүүтэ-харайыыта суох хаалбыт субан сүөһүлүү
тарҕанан, үрэх-үрэх бастарын, алаас-алаас аайытын үрүө-та-
раа баран хааллылар. Кинилэри сылгылаан булан, бииргэ хо-
муйан мунньар, тэрийэр иһин кини аҕата даҕаны, Тыгын, кини
бэйэтэ даҕаны, олохторун анаатылар. Аҕата Мунньан Дар-
хан олоҕун түмүгэ — тойон ууһа хаҥаластары бииргэ түмтэ,
Урааҥ хай Сахалар бары да саллар, саба баттатар улуу ууһун
үөскэттэ. Тыгын Намнарга, Боотур Уустарга, Мэҥэлэргэ, Бо-
роҕон Дьуот туларга, Аммаҕа, Бөтүҥнэргэ, Бүлүүгэ, Кэбээйигэ,
Байа ҕантайдарга, Баатылыларга түөрт уон түөрт төгүл кыр-
гыһыыга миинэр кыһыл Тураҕас атын ыҥыырдаата. Ол да гын-
нар, кыайан Или тэрийбэтэ. Онуоха атын, күүстээх улуу уустар
баһылыктара, ордук Бороҕон Дьуотту Атыыр Лөкөй курдуктар
өһөстөрө, өйдөрө тиийбэтэ төрүөт буолла… Сэрии уонна Ил…
Илтэн, эйэлээхтик олорортон ордук дьол бу Орто дойдуга
ама туох баар буолуой?! Ол гынан баран, Или олохтуурга, эйэ -
ни тэрийэргэ сэриитэ суох сатаммаккын. Сэриилэспэтэххи -
нэ — эйэлээх олоҕу туппаккын. Оттон иллээх биир кэргэҥҥэ
бары будуну түмтэххэ сэрии суох буолар. Сэрииттэн Ил үөс-
күүр. Ити — Тыгын Дархан олоҕун устатыгар өйдөөбүт өйүн-са-
наатын түмүллэр туймуута. Ол ону сыта байбыт сынаҕа баай-
дар — улуу уустар аҕа баһылыктара чой оройдоругар түһэрэн
биэрбэттэр: кини бэрт былдьаһан, көччүйэ сатаан хаан ол-
121