Page 152 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 152

дьоон-хаһан  абааһыга  диэри  ад  айаҕыттан  күөрэйэммин  мин
             уйулгутун көтүттэҕим.

                                          * * *
                Бэйи  эрэ,  хата,  күөс  күөстүөх  баара.  Били  хааһы  буһаран
             кэбиһиэххэ дуу? Эбэтэр Миитэрэй маҥнай бэйэтэ булду булт
             курдук түүлэри-өҥнөрү тутан-хабан көрөрө ордук астыга дуу?
             Билигин хаас сэдэх булт буолан турар ээ. Аны дьөксө түбэһэр
             саарбах. Чэ, онон, куста буһарыах, уонна собото үөлүөх. Хааһы
             сарсын үөрдэ-көтүтэ… Бээ, күөс кэтэһиитэ сахаҕа эмиэ биир
             туспа суолталаах, үөрүүлээх да, астык да суол ээ…
                Үчүгэй даҕаны!
                Сиэккэлээх соботун баайбыт талаҕын уу ылбытын арыычча
             араарда.  Уонча  собону  ылан  баран,  таһыма  үрдүүрүн  орос-
             чуоттаан үрдэтэн баайда.
                Эрдэттэн  бэлэмнээбит  кураанах  маһынан  обургу  кутаа
             отунна.  Чох  тахсыар  диэри  соботун  хатырыктаан,  үөстээн
             былырыын суулаан маска кыбыппыт үтэһэтигэр үөлэн кэбистэ.
             Быйыл манна кэлэн баран, биирдэ даҕаны собо үөлүммэтэҕин
             дьэ  өйдөөн  сөҕө  санаата.  Үйэтин  соҕотоҕун  моҥоон  баран,
             аны Миитэрэйэ суох ас амтанын да ахсарбат буолбут.
                Куһун  үргээн,  эттээн,  күөскэ  угардыы  бэлэмнээн  кэбистэ.
             Уотун одуулаан өөр-өр таалан олордоҕуна, арай кэннигэр эм-
             пэрэ  сырайа  сууллан,  уу  тыаһа  өрө  барылыы  түстэ.  Охоноон
             наһаа  соһуйан  этэ  тардан  ойон  турда.  Сүүрэн  тиийэн  өҥөс
             гынна да, туох кэлиэй, сибилигин тимис гыммыт. Үрдүк Арыы
             эмтэкэтин оннугар сүүрүк дьэрэлийэ оонньуу, күүгэнинэн алла
             сытар.  Охоноон  үөһэ  тыынна,  баһын  быһа  илгистэн  кэбистэ.
             Ис-иһиттэн  саллан,  дьиксинэн  кэллэ.  Маннык  буоллаҕына,
             Үрдүк Арыы өр буолуо суох, аны уон, сүүрбэ сылынан итинник
             эмтэйдэр эмтэйэн, Мөлбө уонна Хатарган арыыларын курдук
             адьас  онно  суох  мэлийэн  хаалыа  дуо?  Айабыын!  Онно  тиий-
             бэтэх  тиийдин!  Сах  ыллын!  Аата  куһаҕанын,  хайдах  да  гынан
             ити сиҥнэн түһэр эмпэрэ сирэйин өйдүүр, тохтотор кыах суох.
             Сотору  дьон  уҥуохтара  килбэс  гыналлара  буолуо,  оо  дьэ,
             сүрдээх да баҕайы!
                Бу  тула  өттүттэн  кээрэнэн,  улам  кыччаан,  тардан  иһэр
             Үрдүк  Арыыны  кытары  кини  орто  дойдутааҕы  олоҕо  суола
             суох сүтүөн, бу билиҥҥиттэн, күнү көрө, күөх кырыска хаама
             сылдьан  билэрэ,  илэ  көрөрө,  ону  өйүнэн  өйдүүрэ  ыарахана
             туохха тэҥнэһиэй?!
                «Туох  иһин  бу  күн  сиригэр  сүөдэҥнээн.  Барыта  сото  та-

              152
   147   148   149   150   151   152   153   154   155   156   157