Page 160 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 160

этэ. Ол баһыйбыта. Үөрэҕэ суох, аэропортка үлэлиир тулаа йах
             кыыһы кэргэн ыллаҕына, карьераҕа мэһэй буолуох курдуга.
                Мин  бастакы  тапталым  таҥнарыы  амтаннааҕа…  Бастакы
             таптал,  бастакы  таҥнарыы  уоттарыгар  салаппыт  сүрэҕим  өр
             кэмҥэ кимиэхэ да итэҕэйиэн, эрэниэн баҕарбат этэ.
                Эдэр  саас  бэйэтэ  туспа  сокуоннарынан  олорор.  Үлэ-хам-
             нас, үөрэх күөстүү оргуйар түгэнигэр ким эрэ батыһа көрбүтүн,
             ким  эрэ  эйэргээбитин,  ким  эрэ  аргыстаһа  сатаабытын  син
             биир  санаан  аһараҕын  уонна  «Тоҕо  Кини  кэлбэтий?»  —  диэн
             хомойон ылаҕын. Мин эйэбэр баҕалаахтар бааллара, ол эрээ-
             ри, сүрэҕим сэрэйэринэн Кини суоҕа. Атыттар этэ…
                Кини…  Аатын  да  билбэккэ,  дьүһүнүн  да  оҥорон  көрбөккө,
             кимин-тугун  түһээн  да  баттаппакка  сылдьан,  кыыс  оҕо  анал-
             лааҕын  бүтэйдии  сэрэйэр.  Ол  Дьылҕа  Хаан  эрдэттэн  биэрэр
             билиитэ эбитэ дуу, айылҕа аныыр бэлиэтэ эбитэ дуу… Билбэ-
             тим.  Билэр,  быһаарар  киһи  баара  да  буолуо  дии  санаабап-
             пын.  Наука  этэринэн,  гормоннар  хамсааһыннара  сөп  түбэһэ-
             риттэн киһи киһиэхэ тардыһыыта саҕаланар үһү. Ол гормоннар
             хамсаа һыннара  миэхэ  соччо  табыгаһа  суоҕа.  «Кини!»  —  диэн
             биирдэ быһааран кэбиһэр киһибин көрсөн биэрбэтэҕим.
                Мэниктээһин тэҥэ чугасаһыы, сууллан эрэр сулус кутуруга
             хараҥа халлааҥҥа сүтэрин курдук, тугу да эрэннэрбэккэ, тугу
             да уларыппакка симэлийэн хаалааччы. Эдэр буола сылдьыбыт
             киһи  ону  билэн  эрдэҕэ.  Арай,  биир  түгэн  мин  оҥорон  көрө
             үөрэммит өйбөр-санаабар, тапталынан утаппыт сүрэхпэр бэрт
             чаҕылхай өйдөбүлү хаалларбыта. Ону да дьиҥнээх таптал туһу-
             нан  буолбакка,  айар  эйгэ  дьикти  көстүүтүн  эрэ  быһыытынан.
             Мин хоһоонньут буоламмын, тылга, омуҥҥа, түгэҥҥэ итэҕэйэ-
             рим атыттартан уратылааҕын онно эрэ өйдөөбүтүм.
                Улахан  дэлэгээссийэнэн  суруйааччылар  Казахстаҥҥа  бар-
             ды быт.  Мин  Алма-Атаҕа  сөмөлүөттэн  түһэн  кэлээппин  кытта:
             «О, Наталья,  с  приездом»,  —  диэт,  эргичитэ-урбачыта  охсон,

             та һаҕаспын  тутуһан,  уруккуттан  билэрдии,  кэпсэтэн  киирэн
             барбыт  киһи  түбэстэ.  Мин  соһуйдум.  Киһим  кэпсээнэ  элбэх.
             Аатырбыт  «Медео»  аннынан  Ала-Тау  хайатын  тэллэҕэр  ту-
             рар  санаторийга  түһэрдилэр.  Бырагыраамабыт  олус  ыгым,
             ол быыһыгар миигин булан кини көрсүһэр, кэпсэтэр. Соҕотох
             тылынан, бүгүҥнү олоххо букатын сыһыана суох үһүйээнинэн,
             киһи өйүн сүүйүөххэ сөбүн мин онно билбитим…
                Туох да киириитэ, быһаарыыта суох кини кэпсээбитэ: «Ол —
             түүрдэр  импиэрийэлэрэ  ыһылларын  саҕана  этэ.  Эн  биһиги
             биир биис ууһугар баарбыт. Мин эйигин таптыырым. Эн муус

              160
   155   156   157   158   159   160   161   162   163   164   165