Page 164 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 164

тааммыттан, барыта тылынан этиллэрин кэтэһэ сылдьан анал-
             лаахпын  сүтэрбиппэр  бэйэбин  эрэ  буруйданар  кыахтаахпын.
             Буруйданан да диэн, барыта үөһэттэн ананан турдаҕа…
                Ол  эрээри  кыргыттарга  эдэрбэр  истибэтэх  сүбэбин  ха-
             тылыахпын баҕарабын. Кыыс оҕо таптала дьахтар Дьолун сиэ-
             тэн  иһэр.  Хайдах  таптал  ханнык  дьолу  аҕаларын  бүгүн  мин
             билэбин.  Аналлааҕым  диэбит  уолуҥ  эйигин  таптыырын-тап-
             таа батын билэ, өйдүү сатаа. Ол эрэ кэннэ киниэхэ бэйэҥ тап-
             талгын, бэриниигин, олоххун салай!
                Сүбэм таах хааларын бүтэйдии сэрэйдэрбин даҕаны…
                Соторутааҕыта  сыбаайбаҕа  сырыттым.  Хатыҥыр,  сырдык
             сирэйдээх ис киирбэх кыыс биир уоллуун (эдэрдэр табаарыс-
             тара быһыылаах) утары соҕус олордулар. Кыыс сотору-сотору
             сандаарыйбыт  хараҕынан  уолун  одуулаһар,  кини  хас  хамса-
             ныытын,  тылын  сэргэхтик  ылынар.  Таптыыра  көстөрүн  ааһан,
             тыга,  сандаарыйа,  тулатын  сырдата  сылдьар.  Уолбут  «саҥа
             саха»  буола  сатааччылартан  быһыылаах,  сотовай  төлөпүөн-
             нээх,  онтукатынан  манна  сыбаайбаҕа  атын  остуолга  олорор
             табаарыһыгар эрийэр, күлэн лүһүгүрэтэр. Кини халыҥ, хараҥа
             өҥнөөх  пуловердаах,  маанымсыйбатах,  аһыыра-сиирэ  да  ки-
             миритэн  түһэн  сүөргү  соҕус.  Ол  быыһыгар  кыыс  аһаҕас  көх-
             сүгэр  илиитин  ууран  ылар…  Халы-мааргы  да  буолбатар,  аат
             харата сыһыан өтө көстөр…
                Таптал суоллара ханна тиэрдэллэрин ким этэн биэриэй, ол
             суолларга туох сүтүктэр, туох соһуччу үөрүүлэр баар буолал-
             ларын ким сэрэйиэй?



                    Тылбытын байытабыт

                   Сыдьаайаллар — сырдыгы, сылааһы саҕаллар.



                    Ыйытыылар уонна сорудахтар

                1.  «Таптал эрэ киһи олоҕун ис хоһоонунан толорор, таптал
                   эрэ киһини киһи оҥорор» — лириичэскэй дьоруой этиитин
                   хайдах өйдүүргүтүн тэнитэн быһаарыҥ.
                2. Таптал суох быһаарыыта.
                   Таптыыгын — онон бүтэр.
                    Тоҕотун, хайдаҕын ирдэһэр
                    Туһата  суох,  быһыыта…  —  ааҕааччы,  эн  санааҕар,  таптал
                   быһаарыыта суоҕа дуу, бы һаа рыылааҕа дуу?

              164
   159   160   161   162   163   164   165   166   167   168   169