Page 167 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 167
Дьайыы арааґынан µлµґµйэрим,
Хоґоон тылларын µлµгµнµйэрим.
Дьон тыла — ох
Мин сµрэхпин эчэтэрэ,
Дьон тыла — мµіт
Мин олохпун минньитэрэ.
Ханна эрэ, ханна эрэ
Мин ырыам ылланара.
Хантан эрэ, хантан эрэ
СаІа санаа кутуллара.
Уустук да эбит
Кэрэ±э айан,
Дууґа кэрэтин
Таба тайанан
Ґтµі санаанан олоруу.
Олох кэрэтин арыйан,
Сµрэх иэйиитин хоґуйуу.
Ол да буоллар
Дьолум эбит —
Поэзия дойдутугар олохсуйбутум,
Кэрэни арыйар айаІІа туруммутум.
ЭР КИҺИ ҮЙЭТЭ ҮҮНҮӨҔЭ
Эр киһи үйэтэ үүнүөҕэ,
Куйаарга куоппут дьахтар
Аньыылаах сиргэ түһүөҕэ.
Аньыылаах да буоллар ыраас
Сир ийэ түһэҕэр
Айыы дьахтара үөскүөҕэ.
Эр киһи хаххатыгар
Харысталланан,
Эр киһи далбарыгар
Мааныланан,
Орто дойдуга олохсуйуоҕа.
Төрүүр-ууһуур
Эһээкэй оҕону суулуур,
167