Page 165 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 165
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
1. «Киһи бу орто дойдуга соҕотох ытаан бэбээрбитинэн тии
йэн кэлэр. Төннөр чааһыгар кини тыына быстан, бэйэтин
кистэлэҥнэрин, дьолун, эрэйин, үөрүүтүн, хомойуутун
илдьэ эмиэ соҕотох барар» — диэн санааттан туох санаа
үөскүүрүн кэпсэтиһиҥ.
2. Лириичэскэй дьоруой уонна Ригаттан көһөн кэлбит дьахтар
таптал туһунан сүбэлэрин тэҥнээн ырытыҥ, анаарыҥ.
3. «Хас биирдии киһи бэйэтэ уйарынан, бэйэтин кыаҕынан
дьоллонор» — лириичэскэй дьоруой санаатын олоххо сы
һыаран кэпсэтиһиҥ.
ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТЭ
Сүрүн санаа — айымньыны ааҕыыттан тахсар түмүк, идиэйэ.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
1. «Олох саҕаланар уонна олох бүтэр түгэннэрин икки ардыгар
Таптал баар буолуохтаах» — өйтөн суруйуу.
2. «Таптал суох быһаарыыта…» — толкуй сурук
Аах. Бил. Туһан
1. Алгыс курдук саныыбын… Рафаэль Баҕатаайыскай. — Дьо-
куускай : Бичик, 2003. — 224 с.
2. Билиҥҥи саха литературата: саҥа саҕахтар, саҥа ааттар:
монография / Эппиэтээх редактор В. Г. Семёнова. — Дьо-
куускай : ХИФУ издательскай дьиэтэ, 2013. — 176 с.
3. Биһиги айар куоларбыт // Васильева Д. Умнуллубат аат-
тар. — Дьокуускай : Бичик, 2000. — С. 173—185.
4. Жизни дивный вкус… (Творчество Н. Харлампьевой) : мо-
нография / В. Б. Окорокова. — Якутск : Издательский дом
СВФУ, 2012. — 115 с.
5. Үрүҥ туллук мөлбөстүүр: Дьахталлар саха поэттарын олох-
торугар уонна хоһоонноругар / Башарина З. К., Максимо-
ва П. В., Семёнова В. Г. — Дьокуускай : Бичик, 2001. —
96 с.
6. Хомоҕой хоһоон хотуна : Наталья Харлампьева айар үлэтэ /
В. Б. Окорокова. — Дьокуускай : Бичик, 2002. — 144 с.
165