Page 161 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 161

маҥан  таҥастааҕыҥ,  онон  киэһээҥҥи  хараҥаҕа  да  син  биир
         көстөрүҥ.  Мин  эйигин  киэһэ  күн  уотуттан  сылыйбыт  улахан
         тааска  кэтэһэрим…  Эн  хараҥа  быыһыттан  эмискэ  тахсан  кэ-
         лэриҥ  уонна  мин  соһуйарбыттан  күлэриҥ…  Чахчы,  чахчы  эн
         этиҥ! Мин эйигин сөмөлүөттэн түһээккин кытта сонно тутатына
         билбитим.  Хайдах  арахсыбыппытын  өйдүүгүн?  Биирдэ  киэһэ
         өрүс  уҥуоруттан  аттаах,  охтоох  саалаах  дьон  саба  сүүрдэн
         киирбиттэрэ.  Ол  биһиги  өстөһөр  биистэрбит  этэ.  Аймалҕан
         буолбута.  Эйигин  биир  боотур  ат  көхсүгэр  туора  быраҕаат,
         хоту диэки сүүрдэ турбута… Онтон ыла көрсүһэ иликпит. Дьэ,
         көрсүстүбүт».
            Ити  монолог  кэннэ  мин  тугу  да  диэхпин  билбэппин.  Он-
         нук буолбатаҕа, сымыйа диэхпин тылым тахсыбат. Итэҕэйиэх -
         пин — олоххо, дьолго, дьиҥнээххэ туох да сыһыана суох. Ябло-
         ко аҕалар уонна этэр: «Эн яблоконы урут таптыыр этиҥ, мин
         билэбин». Эбэтэр «Көрөҕүн ол ыйы? Эйигин уорбут түүннэри-
         гэр ый ситинник этэ», — диир… Реальнай олох уонна ол түҥ
         үйэлэр  түгэхтэригэр  сүппүт  иэйии  икки  ардыгар  мин  уонча
         хоннум. Төһө да кэрэтик, ыраастык кини миэхэ сыһыаннастар
         уонна  ол  «өйдүүгүн»  диэн  кэпсээннэрин  истэрбиттэн  ордугу
         эрэйбэтэр, итини барытын ханан эрэ миэхэ куттал суоһаабы-
         тын  курдук  ылынным.  Тоҕо  диэтэххэ,  кини  КИНИ  буолбатах
         этэ…
            …Барар күммүтүгэр сарсыарда биэскэ туран, алтаҕа сана-
         торий айаҕар мустуу буолла. Мин Муза Николаевна Мордино-
         ваны  кытта  олорбутум,  кинилиин  түһэн  аллараа  дьоммутугар
         холбостубут.  Былыргы  үйэттэн  тиллибит  доҕорум  чугаһынан
         элиэтиир. Сотору буолаат, биир казах уола кэлэн, чопчу мии-
         гин  «Вас  к  телефону»  диэн  ыҥырда.  Мин  холлга  киир битим,
         «былыргы  доҕорум»  төлөпүөн  туруупкатын  тутан  турар.  «Хаал
         манна,  мин  көрдөһөбүн,  аны  хаһан  да  көрсүөхпүт  суоҕа»,  —
         диэн, түргэн-түргэнник миэхэ сибигинэйэр. Кырдьык да, дол-
         гуйбут көрүҥнээх… Илиибиттэн тутан баран ыыппат. Мин дьо-
         нум  уон ча  хонук  кинилиин  кэпсэтиилэри,  кэлиини-барыыны
         барытын бэлиэтии көрө сырыттахтара. Бу да сырыыга дьыала
         хайдаҕын билэ-көрө Алексей Михайлов аа-дьуо тиийэн кэллэ.
         Кинилиин  тахсан  оптуобуска  олоруу  буолла.  Омун  доҕорум
         аэропортка атаарса барыста, сөмөлүөккэ сибэккилээх корзи-
         наны  туппутунан  киирэн  кэллэ.  «Эмиэ  араҕыстыбыт.  Бу  сы-
         рыыга  эйи гин  сөмөлүөтүнэн  куоттардылар»,  —  диэтэ.  Суру-
         йааччы,  хас  да  кии нэҕэ  ситиһиилээхтик  оонньообут  артыыс
         бэйэтин омунугар бэйэтэ итэҕэйэргэ дылыта…

                                                                      161
   156   157   158   159   160   161   162   163   164   165   166