Page 158 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 158
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
1. Бэйиэт орто дойду түһүүлээхтахсыылаах олоҕор киһилии
сиэри сүтэрбэккэ олорорго туохха кытаанах буоларга этэрин
ырытыҥ, санаа атастаһыҥ.
2. Хоһоонноругар ордук ханнык иэйии, уйулҕа хамсааһына
баарын билгэлээҥ, дакаастааҥ.
3. «Кытаанах буол. Кытаанах» диэн тыллар бу хоһооҥҥо
ханнык суолтаҕа, кимиэхэ туһуланарын ырытыҥ.
ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТЭ
1. Төрөөбүт тылга тапталы бэйиэт ханнык уус-уран ньыманан
хоһуйбутун ырытыҥ.
2. Бэйиэт утарыта тутуу ньыматын сатабыллаахтык туттарын булан
дакаастааҥ.
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
1. «Хоһоон тиэмэтэ, сүрүн санаата» — иһитиннэрии.
2. «Бэйиэт хоһоонун тутулун уратыта» — эрэпэрээт.
3. «Сахаҥ тылыгар итэҕэйээр», «Кытаанах буол. Кытаанах»
анабыл хоһоон буоларын, буолбатын быһаарыҥ, дакаастааҥ.
4 «Этигэн сүрэх хоһуйар, иэйэр тыллара» — дакылаат.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Талан суругунан үлэтэ (өйтөн суруйуу, толкуй сурук, дьүһү
йүү) толоруҥ:
1. «Дьахтар бэйиэт хомоҕой тыла» — өйтөн суруйуу.
2. «Ийэ тылыҥ иилии кууһан Араҥаччылыа, арчылыа» —
толкуй сурук.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
Наталья Харлампьева поэзията үрдүк гражданскай иэйии лээх,
кини дьонун-сэргэтин, норуотун иннигэр иэһин билинэр, ол иһин
күүстээх лиичинэс уобараһа үөскүүрүн таһынан, кини, дьахтар буо-
ларын быһыытынан уратыта, өссө бар дьонугар тиийэ ийэ, эдьиий
158