Page 159 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 159
курдук сананар, ол иһин норуотун иитэн, үөрэтэр-такайар интэнээс-
сийэтэ күүһүрэр.
Наталья Харлампьева саха литературатыгар психологичес кай лии-
рикэни төрүттээтэ. Ол эмиэ кини дьахтар бэйиэт буо ларын кытта ык-
са сибээстээх. Психологизм сүнньүнэн проза айымньыларын көстүүтэ
диэн бигэргэтэллэр. Аатырбыт психолог-суруйааччылар биллэллэр —
Достоевскай, Толстой. Поэ зияҕа да киһи хараахтарын ураты өрүттэ-
рин, киһи ис туругун, ис эйгэтин көрдөрүүнү ситиһиэххэ сөп. Дьахтар
ха раах тарын уратытын, биллэн турар, дьахтар суру йааччы эрэ кыайан
көрдөрөр кыахтаах.
Өссө дьахтар мындыр бэйиэт буолар диэн этиэххэ сөп. Уопса-
йынан, дьахтар айылгытынан да уратытынан да дьон сыһыаннаһыы-
тыгар болҕомтотун олук уурар. Наталья Харлампьева туох-ханнык
иннинэ лириичэскэй дьоруой — дьахтар уоба раһын арыйар.
Варвара Окорокова
Ааҕыы, сэһэргэһии
ДЬЭҤКИР СУРУК
ТАПТАЛ СУОХ БЫҺААРЫЫТА
Киһи бу орто дойдуга соҕотох ытаан бэбээрбитинэн тии-
йэн кэлэр. Төннөр чааһыгар кини тыына быстан, бэйэтин кис-
тэлэҥнэрин, дьолун, эрэйин, үөрүүтүн, хомойуутун илдьэ эмиэ
соҕотох барар. Олох саҕаланар уонна олох бүтэр түгэннэрин
икки ардыгар Таптал баар буолуохтаах. Төрөппүттэргэр, биир-
гэ төрөөбүттэргэр, оҕолоргор, доҕотторгор… Уонна олоххо
биир дэ эрэ бэриллэр аналлааххар, таптыыр киһигэр. Таптал
эрэ киһи олоҕун ис хоһоонунан толорор, таптал эрэ киһини
киһи оҥорор.
Бастакы таптал туһунан этилиннэ ини, этиллибэтэ ини!
Хоһооҥҥо хоһуйуллубут, ырыаҕа ылламмыт сырдык иэйиини
эдэр сүрэх тэһийбэккэ кэтэһэр. Кинигэҕэ аахпыт, киинэҕэ көр-
бүт улуу таптала ханан эрэ киниэхэ айаннаан иһэрин бүтэйдии
сэрэйэ, көрдөнө, иһиллии сылдьар…
Оскуолатааҕы сурук бырахсыылар, ким эрэ кими эрэ сө-
бүлээбитэ, 18—20 сааһым чыпчаалыттан миэхэ оҕотук, дьоһу-
на суох курдук көстөрө. Кинигэҕэ, киинэҕэ иитиллибит дууһам
туохха да тэҥэ суох үрдүк тапталга баҕарара. Оннук таптал
мин дьылҕабар авиатор формалаах уолан буолан киирэн кэл-
битэ. Билигин отучча сыл туманыгар сүппүт ол сырдык иэйии
туһунан санаатахпына, сонньуйан ылабын. Кини прагматик
159