Page 163 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 163
Тэйэ сатыыгын ол иэдээнтэн,
Аралдьыйар суолу көрдөөн
Атынныын аргыстаһаҕын.
Кыайтарбат.
Бары суолларыҥ
Кини баар сиригэр тиэрдэллэр,
Олох туһунан санааларыҥ
Кини мичээринэн сыдьаайаллар.
Кини эйэтэ, аһыныыта
Түмсэр ыраҕар, түүлгэр.
Таптал суох быһаарыыта,
Таптыыгын — онон бүтэр!
Бу хоһоон мин
Киниэхэ тапталым туһунан.
Итиннэ эбии этэрим туох да суох…
Эдэр сааспар, Маҕаҥҥа аэропортка үлэлии сырыттахпы-
на, Ригаттан саҥа көһөн кэлбит бииргэ үлэлиир дьахтарбы-
ныын таптал туһунан кэпсэппиппит. Кини онно миэхэ бэйэтин
олоҕун туһунан кэпсээбитэ. Бастакы кэргэнин кытта омун-
наахтык таптаһан холбоспуттар. Кинитэ суох биир күнү, күн
аҥаарын, аҕыйах чааһы да олорор кыаҕым суоҕа, ол курдук
кинини таптыырым, — диэн кэпсээбитэ кини. Ол да буоллар
сатаан олорботохпут, кини атын дьахтарга иирбитэ. Мин, бэл
диэтэр, ону да бырастыы гынар кыахтааҕым… Ол эрээри тап-
тал оннук буолуо суохтаах. Билигин мин миигин таптыыр ки-
һиэ хэ кэргэн тахсан олоробун, бу манна үлэлии кэллибит. Мин
киниэхэ эркиҥҥэ эрэнэр курдук эрэнэбин.
— Эн кинини таптыыгын дуо? — диэн, мин быһа түһэн
ыйып пытым.
— Ол олох олорорго туох суолталаах буолуой… Кини мии-
гин таптыыр — ол баар саамай сүрүнэ. Эн бэйэҥ тапталгын
эккирэтимэ. Эйигин таптыыр уолу булан кэргэн таҕыс. Ол буо-
лар дьахтар дьоло диэн, үөрэтэр-такайар куолаһынан дьахта-
рым түмүктээбитэ.
Мин ити сүбэни букатын ылымматаҕым. Олоҕум устатын
тухары бэйэм иэйиибин, бэйэм тапталбын, бэйэм киэргэппит
бухатыырым уобараһын бүөбэйдээн таҕыстым, бэйэм үөрүү-
бүн, хомолтобун наардаатым, сааһылаатым, хоһооннорбор
куттум.
Дьахтар дьоло… Баҕар, мин сыыспытым буолаарай? Дьол
киэбэ, дьол ньэмиэтэ суох ээ. Хас биирдии киһи бэйэтэ уйа-
рынан, бэйэтин кыаҕынан дьоллонор. Мин көһүүммүттэн, бы-
163