Page 177 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 177
Олох үгүрүө түбүктэрин умуннара түһэҕит.
Өйдүүр, өйүүр доҕотторум, толуу, лоҥкур тииттэрим,
Санаам, ырыам чыпчаалларын үрүҥ күҥҥэ күлүмүрдэтэ
Охтубакка, умайбакка өр да өөр этэҥҥэ турдаргыат.
Тылбытын байытабыт
Билигин туттуллубат эбэтэр сэдэхтик туттуллар, өйдөөбөт тыл-
ларгыт тиһилигин оҥоруҥ. Тылдьытынан үлэлээҥ.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Сиэн Кынат хоһоонноро туох толкуйу, санааны саҕалларый?
2. Хоһоон тутула (дорҕоон дьүөрэлэһиитэ, тэтимэ) уонна тэ-
тимэ туох уратылаахтарый?
3. Сиэн Кынат ырыа, сэргэ, чуумпу, тиит уобарастарын сэ-
һэргиир ис номохторун быһаарсыҥ.
4. Эһиги санааҕытыгар, «Аһатар амарах атастарым, ириэрэр
иһирэх сэгэрдэрим» диэн ойуулуур тиҥкинэс тиит маһынан
кимнээҕи уобарастаан көрдөрөрүй?
5. Хоһооннору дириҥэтэр, сытыырхатар, арылхай оҥорор, са-
наа саамай намчы утаҕын илдьэ сылдьар күлүүс тыллары
булан быһаарарга холонуҥ.
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
Тиит уобараһа — бэйиэттэргэ саха норуотун төрүт олоҕун
дьаһаҕын, төрүт өбүгэтин өйүнсанаатын, кинилэри кытта быс
тыспат ситимин көрдөрөр символ, ону таһынан ыраах сырыт-
тахха, төрөөбүт дойдуну санатар, ахтылҕаны көрдөрөр бэлиэ
быһыытынан ойууланар.
Сиэн Кынат хоһоонноругар тиит, сэргэ, чуумпу уобараста-
рын философиятын ырытан көрүҥ.
ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТЭ
Көҥүл хоһоон (верлибр) — хоһоон кээмэйдэринэн дьаарыстаммыт,
рифмата суох, аллитерация да ирдэммэт. Синтаксическай ньымала-
рынан бэриллэр ириитимнээх.
177