Page 184 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 184

ПАВЕЛ НИКОЛАЕВИЧ ХАРИТОНОВ—ОЙУКУ
                                          (1941)


                                         Павел  Николаевич  Харитонов  тө-
                                      рөөбүт  күнэ  Аҕа  дойдуну  көмүскүүр
                                      Улуу  сэрии  саҕаламмыт  күнэ  —  1941
                                      сыл  бэс  ыйын  22  күнэ.  Бэлиэ  күн!
                                      Ол  эрээри  Павел  киһи  быһыытынан
                                      майгытыгар-сигилитигэр  ити  биһиги
                                      дойдубут  олоҕор  буолбут  өлүүлээх-
                                      сүтүүлээх  дьэбир  күн  сабыдыалы
                                      оҥорботох  —  айылҕаттан  бэриллибит
                                      элбэх  дьоҕурдаах  да  буоллар,  бэрт
                                      сытыары-сымнаҕас,  көрсүө,  сэмэй,
                                      ылыммыт аатыгар Ойукуга чугас, бил-
                                      лэ-көстө  сатаабат,  тыаһа-ууһа  суох
                                      оҥоро-бүтэрэ сылдьар идэлээх. Арай
             төрөөбүт күнэ-дьыла кини дьоҥҥо-сэргэҕэ туох эрэ туһалаа-
             ҕы  оҥорор  дьулҕаныгар,  тус  бэйэтин  көрүммэт,  обществен-
             най  өйүгэр-санаатыгар,  улууһун,  өрөспүүбүлүкэтин  олоҕор
             күүһэ-дьоҕура  тиийэринэн  кыттарыгар  сабыдыаллаабыт  бы-
             һыылаах.
                Орто  оскуоланы  бүтэрэн  баран,  оччотооҕуга  биир  баста-
             кы нан  «Оскуола—производство—үрдүк  үөрэх»  девиһинэн  кы -
             лааһынан  сопхуос  биир  отделениетыгар  тахсыһан  үлэтин
             саҕалаабыта. Аармыйаҕа сылдьыбыта. Намнааҕы художествен-
             най  училищены  бүтэрбитэ.  СГУ  саха  салаатыгар  үөрэнэн,
             1976  сыллаахха  үрдүк  үөрэхтэммитэ.  Покровскайга  учуутал-
             лаабыта, худуоһунньук идэлээх буолан саха тылын уонна лите-
             ратуратын бэртээхэй кэбиниэтин тэриммитэ. 1983 сыллаахха
             Серго  Орджоникидзе,  кэлин  Г. В. Ксенофонтов  аатынан  ула -
             рытыллан тэрийбит мусуойугар дириэктэринэн таһаарыылаах-
             тык үлэлии сылдьар. Үлэлиир идэтинэн — кыраайы үөрэтээч -
             чи. Үс кинигэлээх «Хоболоох суол» диэн улахан ара мааны су-
             руйарыгар,  дойдутун  уруккутун  иҥэн-тоҥон  билбитэ,  үөрэп-
             питэ бөҕө тирэх буолбута саарбаҕа суох.
                                                        Н. Е. Винокуров-Урсун









              184
   179   180   181   182   183   184   185   186   187   188   189