Page 188 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 188
ровна диэн буоларын биллибит. Кини тутта-хапта сылдьарыт-
тан даҕаны биһигини кытары хара ааныттан эйэргэһэр санаата
суоҕа биллэрэ. Сирэйин хаана номнуо кэхтэн, куурбут-хаппыт
бэйэтэ киэҥник тиэрэ үктээн, кылааспыт аанын аһыаҕыттан
дьэбидийэн киирдэ. Ол кинини учуутал идэтэ тугунан да үөр-
дүбэтэҕин, биирдэ даҕаны дьоллооботоҕун көрдөрөр. Суру-
наалбытын аһан, кэриччи ааҕан, ааппытын-суолбутун ыйытала -
һан барда. Ол ыйыталаһар кэмигэр, кэпсэтэ олороннор, бас-
такы сэрэтиини онус «а» кылаастан Иванов Гоша, «б»-тан Лу-
кин Эдик ыллылар. Чуҥкук кэпсэтии, тоҥуй көрсүһүү таҕыста.
Былырыын баччаҕа нуучча тылыгар Елена Андреевна диэн
учуутал үөрэтэ сылдьыбыта. Куоракка олохтоох, төрүт удьуор
үөрэхтээх саха ыалын кыыһа. Кини уруокка киирэн кэлбити-
гэр, кылааспыт иһэ хайдах эрэ сырдыы, бэйэбит сайда түс-
пүппүт. Били А. Чехов суруйбутунуу, киниэхэ барыта кэрэтэ:
көстөр дьүһүнэ, таҥныбыт таҥаһа, сылаас санаата. Бэл, куо-
лаһа, күлэрэ кытары онуоха дьүөрэтэ. Елена Андреевнаҕа хо-
лоотоххо, биһиги дэриэбинэбитигэр киниэхэ тэҥнээх хайабыт
да суоҕа. Хас саҥабыт, туттуубут барыта быһымах, хаҕыс,
сыһыаммыт тымныы, толоос. Таҥнар таҥастыын, көстөр
дьүһүннүүн бэйэбитин сэнэммит, атаҕастаммыт курдукпут. Хо-
мойуох иһин, ол үтүөкэн учуутал биир чиэппэри тилэри үлэ-
лээбэтэҕэ. Төттөрү ыҥыран ылбыттара.
Биһиги онус «б» кылааспыт салайааччыта Елена Даниловна
биология уруогар ким хайдах сынньаммытын, сайын устата
хас кинигэни аахпытын ыйыталаста. Миэхэ диаграмма уонна
табылыысса оҥорторо биэрдэ.
Оскуолаҕа бүтэһик сылбын үөрэнэбин диэн санаатахпы-
на, долгуйабын. Арай ийэлээх аҕабын күннэтэ тугунан эрэ
үөрдүөхпүн, ону кытары тэҥҥэ оскуолам, учууталларым, биир-
гэ үөрэнэр доҕотторум тустарынан туох эрэ олус үчүгэй уонна
сүппэт-өспөт өйдөбүл хаалыан баҕарабын.
Учууталларым кэпсииллэрин истибитим, бэлиэтэммитим
иһин, миэхэ уруккуттан кыайтарбатах предметим элбэх. Ор-
дук алгебра, физика, нуучча тыла. Онус кылааһы бүтэрэрим
буоллар, бастыҥ баҕабын толорбут саҕа сананыах этим.
Күнү хайдах туһалаахтык атаарыахха сөбүй? Оннук атаарбыт
күннэрим: хоһоон тыллара тахсыыта, кинигэттэн үчүгэй түгэни
түбэһэн ааҕыы, кыра да туһалааҕы оҥоруу.
Балаҕан ыйын 12 күнэ. Бэнидиэнньик. Уруоктарбар бэ-
лэм нэммэккэ гынан баран, оскуолаҕа кэлэн ааҕаммын, өрү-
һүннүм. Сарсын Горькай айымньытыгар өйтөн суруйтарал-
188