Page 191 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 191
Хас субуота киэһэтэ туох эрэ уратыны, ааспыттааҕар саҥа-
ны аҕалыан, олохпун түҥнэри эргитиэн баҕарабын даҕаны, бү-
гүн эмиэ атыттартан уратыта суох күн буолла.
Тоҕо сорох уолаттар уонна кыргыттар кими эрэ кэлтэч-
чи таптаан муҥнаналларый? Кинилэр ол табыллыбатах тап-
талларынан букатын өйдөөбөт уолаттары уонна кыргыттары
муҥнуулларын таайбаттара буолуо дуо? Сорохтор тапталгын
бэйэҥ эрэ ситиһиэхтээххин дииллэр. Мин дьиҥнээх таптал
бэйэҕин эрэ буолбакка, иккиэҥҥит сүрэҕин тэҥҥэ уоттуох-
таах, тэҥҥэ муҥнуохтаах, атыттар быыстарыгар муннарбакка
буллартыахтаах дии саныыбын. Туохтааҕар да ону баҕарабын,
ону кэтэһэбин! Эдэр саас бастакы таптала сэмэйэ бэрт буо-
лан, хайдах да муҥнаныыта, таабырына, кистэлэ суох буолбат
быһыылаах.
Балаҕан ыйын 19 күнэ. Бэнидиэнньик. Оскуолабыт иһэ
сүрдээх тымныы. Остолобуойга дьуһуурунайдаатым. Кытылга
киирэммин, лоһуруттаҕас тоҥ былыттардаах өрүһү хаартыс-
каҕа түһэрдим. Ол былыттар халлааҥҥа буолбакка, өрүс тү-
гэҕэр сөҥөн сытар курдук көстөллөр. Майн Рид «Оцеола вождь
семинолов» диэн кинигэтин ааҕа сылдьабын.
Күн сиригэр тоҕо кэлбиппин саныыбын, өйдүүбүн, билэбин,
арай туох туһалааҕы оҥоруохтаахпын билбэппин. Биһиги бу
сааспытыгар өбүгэлэрбит, аҕаларбыт, убайдарбыт тугу оҥор-
буттарын туһунан элбэх даҕаны суруллубут. Табысхаан кулуба
сүүрбэ үс сааһыгар улууһугар кулубалаабыт, эмиэ ити сааһы-
гар сылдьан, чаҕылхай Махсыым баартыйа Саха сиринээҕи
губревкомун бэрэссэдээтэлэ этэ. Кинилэр олорбут, үлэлээ-
бит саастара биһиэхэ ситтэрбэттии бытаарбыт. Эрдэ олорон
ааспыттар үтүөлэрин ааҕан сиппэккин. Биһиги отох сааспыт
туһунан хойут тугу суруйуохтарай?
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ аҕыс убайым барбыт-
тарыттан сэттэтэ төннүбэтэҕэ. Мин, баҕар, кинилэр иэстэри-
гэр төрөөбүтүм буолуо. Тугу хоруйдуохпун булумуна, өр дөйөн
олоробун. Таһырдьа тэлэгирээмэ остуолбаларын боруобатта-
ра миигин чуҥкутардыы куугунууллар.
Алтынньы 4 күнэ. Интэринээт оҕолоругар саппыкы, бэр-
гэһэ, тэлигириэйкэ биэрдилэр. Күнүстэн киэһэ кыстык хаар
тэллэх курдук үллүктүү түстэ. Сир-дойду куобах түүтэ хаа-
рынан үллүктэнэн, салгынныын ырааһырбыкка, халлаанныын
сырдаа быкка дылы буолла. Сүүтүк саҕа сүүмэх хаар эрги-
йэн тэлээрэ-тэлээрэ атаҕыҥ анныгар тэлгэнэр, уоскар уул-
лар. Бэл, амтанныын минньигэскэ дылы. Маннык хаары аҕам
191