Page 189 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 189
лар. Мин, түҥ хараҥа быыһыгар муммут дьонун өлөр өлүү
айаҕыттан быыһаары, түөһүн иһиттэн уоттаах сүрэҕин ороон
таһааран, кэнниттэн батыһан иһээччилэргэ суол сырдатааччы
Данко туһунан суруйуоҕум. Арай кини ол хорсун быһыытынан
быыһаммыт куттамсах, мөлтөх, үүрбэ дьон, Данко өлөн охту-
бутун аахайбаккалар, сирдээн таһаарбыт сырдыгар урут тиийэ
охсоллорун, кини уоттаах сүрэҕин үрдүттэн үктээн ааһалларын
хайдах быһаарыахпын билбэппин. Тоҕо? Эмиэ сиэртибэ буо-
луу дуо? Ол да үрдүнэн, сырдыкка, көҥүлгэ сирдээн таһаар-
быт Данко уоттаах сүрэҕэ норуокка номох буолан хаалбыт.
Итинник буолар эбит титаннар уонна сирдьиттэр аналлара.
Балаҕан ыйын 14 күнэ. Кыра ардахтаах, былыттаах күн.
Өйтөн суруйуубун ситэрбэккэ, харатынан биэрдим. Кылааспыт
түннүгүн тааһын сууйдубут-соттубут, хайдыбыт. Практикаҕа
РТС-ка сырыттыбыт.
Тойон Арыыга киирэ сылдьан түһэрбит плёнкабын прояв-
калаатым. Маҕаһыыҥҥа килиэптэн матаммын, бэкээринэҕэ
баран атыыластым. Аһаан баран спорт саала түннүктэригэр
мас эрэһээҥкилэри туруордубут. Уолаттар саалаҕа киирээт
мээчиктээн, футболлаан бардылар. Мин онуоха көҕө суохпун.
Үөрүү! Интэринээккэ ылбыттар! Бүгүн «Пётр I» киинэҕэ ха-
йаан даҕаны сылдьыаҕым.
Балаҕан ыйын 15 күнэ. Тойон Арыыга хортуоппуй хостоо-
һунугар киирбит оҕолор таҕыстылар. Хатыҥ мас сэбирдэҕэ
саһаран, тыабыт сырдаан, күлүмүрдээн көстөр буолла. Көмүс
күһүн кэллэҕэ. Тыаҕа тахсаммын, соҕотоҕун хааман киирдим.
Онно миигин тиэрдэр ыллыкчаан баар. Ол ыллык миигин
алаадьы саҕа кыра ырааһыйаҕа тиэрдэр. Онно сытан хоһоон
суруйабын, күннүкпүн бэлиэтэнэбин. Фотоаппарааппын ап-
тамаатыгар туруораммын, хаста даҕаны хаартыскаҕа түстүм.
Айылҕа барахсан кэрэтэ-мааныта, тыыныахха чэбдигэ хайдах
курдук үчүгэйий?! Хайдах курдук киһини үөрдэрий, бэйэтигэр
ыҥырарый?! Таптыыр кыыһыҥ эмиэ маннык сырдык, күндү,
умнуллубат түгэни бэлэхтиэн баҕараҕын. Ити барыта мин баҕа
санаам эрэ буолар.
Быстах даҕаны ааһар, көстөн сүтэр үөрүүнү дьолунан аат-
тыыбын. Ол, баҕар, бэйэбин мэлдьи дьоло суохпунан ааҕы-
нарбыттан буолуо. Дьоллоохторунан үчүгэйдик үөрэнэр, хо-
лобурга сылдьар оҕолору ааттыыбын. Мин испиттэн үөрүүм,
өрө көтөҕүллүүм, санаабар, күүтэр албын эрэлбин күүһүрдэр.
Хайаан даҕаны кинини көрсүөҕүм. Кини, баҕар, миигин эмиэ
кэтэһэрэ буолуо диэн саныыбын. Ол хайалара буолуой? Дьол,
189