Page 192 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 192
лээкээн хаар түһэр диэн ааттыыр. Оттон куйаас күн ходуһа
отун сиртэн ытыйа оонньуур, күөл кэнчээритин хамсатар кыра
холоругу лэһэтэй диэн ааттыыр. Дьикти буолбат дуо? Төрөөбүт
тылбыт эҥин араас дэгэтин сүтэрбиппит быһыылаах.
Алтынньы 25 күнэ. Дьокуускайтан артыыстар тахсыбыт-
тар. Василий Протодьяконов «Маҥнайгы ньургуһуннар» диэн
пьесатын туруордулар. Мин барбатым. Былырыын саас экс-
курсиянан куоракка киирэ сылдьаммыт көрбүппүт. Бэл, пье-
саҕа ыллыыр ырыалара, мелодиялара кытары өйбөр хаалбыта
билиҥҥэ диэри сылдьар:
Ууран-тутан чочуйан,
Уһанабыт-айабыт.
Тойук-ырыа аргыстаах
Тутааччылар буолабыт.
Киэргэй, сайыммыт,
Дьокуускай куораппыт.
Таас дьиэнэн эн симэн,
Тапталлаах куораппыт!
Бу күннэргэ санаам көтөҕүллэн сылдьар. Өрөбүлгэ Улахан
Ааҥҥа убайым аахха барыам диэн оҥостобун. Онно хомсо-
муол күнүгэр оонньуу бөҕөтө буолуо. Мин оскуола хаһыатын
таһаарыахтаахпын. Уруоктарбар эмиэ ыктаран эрэбин. Миэхэ,
тоҕо эрэ, кыайтарбат. Атыттары кытары ааҕыахпын, сүбэлэ-
тиэхпин, оннук ыкса чугас доҕорум суох. Атыттар миэхэ кыһал-
лыбаттарын билэбин. Сыҥаланыахпын баҕарбаппын.
Нуучча тылын диктаныгар «иккини» ыллым. Сорохтор учуу -
тал атыттар үлэлэрин көрө сылдьар кэмигэр, тутуу былдьа-
һаннар, хардарыта устуһан, сонно сыыһаларын көннөртүү
оҕус тулар. Мин олорон биэрдим. Суобас диэн тугуй? Мии-
гин туох хаайарый-тутарый? Тоҕо атыттар курдук көҥүл-босхо
буолбатахпыный? Кыайбат предметтэрбэр көрдөһөн турам-
мын көмөлөһүннэриэхпин уонна кинилэртэн аккаастатыахпын
баҕарбаппын.
Алтынньы 27 күнэ. Бэйэм бэйэбэр сылдьабын. Уолаттар
миигин «бэйиэт» диэннэр күлүү-элэк оҥостоллор. Мин соҕо-
тохпун, суос-соҕотохпун! Миэхэ эрэллээх атас-доҕор суох.
Арай хоһооннорум бааллар. Ама, бэйэбин үрдүктүк туттарым,
улахамсыйарым буолуо дуо? Суох уонна суох! Улаатан истэ-
ҕим аайы, табаарыстарбар сыһыаным уустугуран иһэр курдук.
Мин Печорин сорҕотун дуу, ханыытын дуу курдукпун. Кыахтаах
үөрэнээччилэр күнтэн күн «үчүгэй» сыананы ылар буоланнар,
192