Page 203 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 203
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
Айымньы ис хоһоонуттан тахсар проблемалары дьүүллэһиҥ:
1. Учуутал уонна үөрэнээччи сыһыаннара.
2. Киһи уратыта, дьоҕура, кыаҕа.
3. Бастакы килбик таптал; киһини үөрэҕинэн эрэ сыаналаа
һын.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Күннүккүтүгэр тугу ордук бэлиэтээн сурунуо этигитий?
Биир күҥҥүтүн сурунарга холонуҥ.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
П. Н. Харитоновтыын-Ойукулуун сэһэргэһии
Биһиги ыалдьыппыт: П. А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай
бириэмийэ лауреата, CӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруйааччы
П. Н. Харитонов-Ойуку.
— Павел Николаевич, «Олох модьоҕото» трилогия сэһэҥҥин
ааҕаач чы сэргээтэ. Туох да киэргэтиитэ суох баарынан, кыларыйар
кырдьыгы суруйуугун биһирииллэр. Оҕо бэйэҥ олох модьоҕотугар
үктэниэххэр диэри ийэлээх аҕаҥ, дойдуҥ, биирдиилээн учууталла-
рыҥ сабыдыаллара дьоһун үлэһит, улахан суруйааччы буолан тах-
сыыгар сабыдыаллаабыттарын өйдөөтүм. Литератураҕа 39 сааскар
«Хаар кыыс» хоһоон кинигэтинэн киирбитиҥ. Ол кэннэ утум-ситим
биэс хоһоон кинигэлэрин таһаардыҥ. Публицистикаҕа да үлэлэстиҥ.
Сүҥкэннээхэй сыраны анаан, түөрт кинигэлээх «Хоболоох суол» ара-
мааны ааҕааччыларгар ууннуҥ.
Төрөөбүт сириҥ Хаҥалас улууһун Тойон Арыыта. Тоҕо тойонуй?
— Түҥ былыр ол сир Дьобулҕа диэн ааттаах эбит. Тыгын абаҕа-
та Малдьаҕар олохсуйан, байан-тайан, аатыран-аарыгыран олорбут
сирэ. Кини биэс уолугар сир ирээттээн Дьобулҕаны улахан уолугар,
Кэлтээки Сабыйаҕа, аныыр. Тойон киһи төрүт сирэ буолан кэлин То-
йон Арыы диэн ааттаабыттар. Нэһилиэгэ I Малдьаҕар. Иккис уолугар
Соххор Дьуурайга Дьобулҕа кутуругун, билигин Бөртөлөр сирдэрин
биэрэр. Үһүс уолугар Кустук Бэргэҥҥэ Тиит Арыыны өлүүлүүр. Икки
кыра уолаттарын төрдүс уонна бэһис Малдьаҕар сирдэригэр олох-
тотолуур.
— Ойуку диэн аатыҥ ол кэми кытта ситимнээх буолаарай?
— Ситимнээх. Дьэ ол Тойон Арыыны бас билбит хас да ойохтоох
Кэлтээки Сабыйа, уу харахтааҕы утары көрдөрбөт улуу-дьаалы буо-
203