Page 208 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 208

С и л и п. Эйигин бутуйан, тылбынан сөрөөн, аҕытаассыйа-
             лаан манна аҕалбыппар…
                Ы л д ь а а. һэ! Силип, эн хайдах буоллуҥ?
                С и л и п. Суох, Ылдьаа… Мин кэнники кэмҥэ наар ону са-
             ныыр буоллум… уонна итинник санаатахпына манна… (Сүрэҕин
             туттар.) Манан ыалдьар… Эн миигин бырастыы гын…
                                           Пауза.
                Ы л д ь а а.  Эн  тоҕо  итинник  диигиний?..  Миигин  оннук
             акаа ры эбэтэр уоһугар уоһаҕа куура илик молохочоос дии са-
             ныыгын  дуо?  Миигин?  Мин  бэйэм  кэлбитим  манна,  ким  да
             күһэйиитинэн буолбакка! Эн биһикки манна иккиэн кэлбиппит,
             бэйэбит баҕабытынан буолбакка, күһэллэн кэлбиппит манна!..
             Ол  эрээри  биһиги  өссө  төннүөхпүт…  Төннүөхпүт!  Өйдөөтүҥ
             дуо?  Эн  биһикки,  иккиэн!  Саха  омугун  кыһыл  сибиэннэртэн
             быыһаа ры! Эн биһикки манна ол иһин кэлбиппит! Ону умуннуҥ
             дуо?!
                С и л и п. Хайдах  өйдүөм  суоҕай?..  Үүрүллэн…  Нэһиилэ
             тыын былдьаһан…
                Ы л д ь а а. Силип…  Силип,  тохтоо…  Биһиги  манна  бэйэ-
             бит  тыыммытын  харыһыйан  буолбатах,  эн  итинник  санаама
             даҕаны…  биһиги  төһө  да  хоттордорбут,  төһө  да  сааттаахтык
             үүрүлүннэрбит…  Биһиги  саҥа  Саха  Өрөспүүбүлүкэтин  иһин,
             кыһыл сибиэнэ суох Саха сирин иһин, саҥа күүс мунньунаары
             манна кэлбиппит!
                С и л и п. Ээ… Ол бу мунньуна сырыттахпыт…
                Ы л д ь а а. Тоҕо  үгэргиигин!..  Эн  ону  умна  оҕустуҥ  дуо?
             Суох,  мин  ону  хаһан  да  умнуом  суоҕа!  Хайдах  дьоппуон  ба-
             лыксыттарын эргэ мотуордаах оҥочолоругар олорсон Аян ту-
             маннаах кытылыттан тэйбиппитин… Эн ону умна оҕустуҥ дуо?
             Онно  биэрбит  андаҕаргын  эмиэ  умна  оҕустуҥ  дуо?  Суох…
             Мин ону хаһан да умнуом суоҕа… Мин бу манна эрэйдэммит
             хас биирдии күммүн, аччык, аас-туор олохпутун барытын ки-
             нилэртэн иэстиэҕим! Эттэриттэн-хааннарыттан иэстиэҕим!...
                                           Пауза.
                Мин билэбин, эн мөлтөөбүккүн… Эн ыалдьан итинник саҥа-
             раҕын, мин ону барытын өйдүүбүн… Ыалдьыаҥ суоҕа дуо, бу
             таас дьиэ анныгар, сииктээх подвалга уйаланан олорон… Ол
             эрээри, Силип, мин эйигиттэн көрдөһөбүн, олох сүгүрүйэн ту-
             ран көрдөһөбүн, эн аны итинник хаһан даҕаны диэмэ…
                                           Пауза.



              208
   203   204   205   206   207   208   209   210   211   212   213