Page 212 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 212
бын, көҥүлүн көмүскээн, саа тутан турбутун бууска-бүлүмүөт
тутуурдаах Кыһыл аармыйатын ыҥыран кыртарда?! Ким?! Ол
кэннэ аптаныамыйанан албыннаан туох да буолбатаҕын курдук
оҥордо? Үөрүҥ-көтүҥ, аптаныамыйа кэллэ! Сахалар өрөгөй-
бүт үрдээтэ! (Пауза.) Ол кэннэ эн өссө саарбахтыы сытаҕын…
Пауза.
С и л и п. Ол түүн мин киниэхэ эйигиннээҕэр буолуоҕу эп-
питим-тыыммытым… Эйигиннээҕэр буолуох үөхпүтүм-таный-
бытым, кыраабытым даҕаны… Оннооҕор… Оннооҕор кинини
онно мин… ыта сыспытым…
Пауза.
Ы л д ь а а. Хайдах?
С и л и п. Билбэтим… Бэйэм да билбэтим хайдах буолбу-
тун… Кини миэхэ эмиэ төттөрүтүн этэн-тыынан таҥара дьиэ-
тин алтаарын диэки хайыспыта. Миэхэ көхсүтүнэн буолан тур-
бута… Билбэтим, туох буолбуппун… Мөккүөрбүт күүһэ бэрт
эбит быһыылааҕа, олох симмитигэр киирэн итийэн-кутуйан,
олох иирбит курдук түсүһэн эрэрбит… Биирдэ өйдөөн көр-
бүтүм… илиибэр бэстилиэтим баар буолбут этэ… Уонна ки-
нини, Мэхээлэни, көхсүн хараҕар туһаайбыт этим… (Пауза.)
Оттон кини, Мэхээлэ, ону көхсүнэн билбитэ… Истэҕин дуо?
Билбитэ… Кэһиэхтээх баҕайы куолаһынан: «Силип, миигин
ытыаххын баҕарар буоллаххына — ыт. Бу манна — алтаар ан-
ныгар ыт», — диэбитэ… (Пауза.) Мин бэйэбиттэн бэйэм да
соһуйан хаалбытым… Оннооҕор билигин да ону санаатахпына,
этим сааһа аһыллан, көхсүм дьырылаан кэлэр… Биһиги — Мэ-
хээлэ уонна мин — ол Ньукуола кэннигэр, ол олунньу иэдээн-
нээх түүнүгэр кыһыллартан ытыллыахтаах этибит… Оттон он-
но, ол Арыылаах таҥаратын дьиэтигэр, ол түүн мин Мэхээ-
лэни, бэйэм доҕордоотор доҕорбун, бэйэм-бэйэбинэн, бу бэ-
йэм, бу илиибинэн ыта сыспытым…
Пауза.
Ы л д ь а а. Онтон… Онтон туох буолбутай?
С и л и п. Онтон, эн этэргинии, суолбут атырдьах мас са-
лаатыныы араҕыстаҕа дии…
Ы л д ь а а. Ол аата кинини үүрэн ыыттаҕыҥ дии?
С и л и п. Суох… Тоҕо оннук буолуой?.. Иккиэн төһө да мөк-
күстэрбит тугу да оҥорор кыаҕа суохпутун, бу барыта олох
долгунугар оҕустаран, эрдиитэ суох устан иһэрбитин онно
олох дьэҥкэтик өйдөөн кэлбиппит… Син биир биһигиттэн туох
212