Page 216 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 216

лахпыный дии саныыбын… Хайдах эрэ алааспар чугаһаан ис-
             тэҕим  аайы  онтукам  өссө  ыараатар  ыараан  иһэрин  курдук…
             Алааспар  тиийдэхпинэ  —  өлүөхтээҕим  курдук  саныыбын…
             Тохтуоҕу — дойдубун, алааспын көрүөх баҕа улахан… Дьээбэ
             баҕайы…  Уонна  ону  мин  наһаа  дьэҥкэтик  бу  баар  курдук…
             олох бу илэ дии саныыбын… Атым туйаҕа чигдигэ кычыргыы-
             ра,  сыарҕам  хаарга  кыыкыныыра  —  олох  бу  баар  курдук…
             Тоҕо  дии  саныыбын  мин…  Тоҕо  бу  маннык  ыараханый  дии
             саныыбын…  Дойдубар  төннөн  иһэбин  дии,  тоҕо  онно  тиийэн
             өлүөхтээхпиний,  хайдаҕый  бу  дии  саныыбын…  Сыҥаһалааҕы
             ааһабын… Алааһым чугаһаатар чугаһаан иһэр… Олох бу алаас-
             пын өҥөйөн иһэн уһуктан кэлбитим… Ол туохха эбитэ буолла…
                                           Пауза.
                Ы л д ь а а. Туохха  буолуой  —  дойдугун  аҕыннаҕыҥ  дии…
             Чэ,  Силип,  мин  бардым.  Үлэбэр  хойутаатахпына,  тойонум
             сиир буоллаҕа.
                С и л и п. Чэ, тиэтэй. Аны, кырдьык, мөҕүллэ сылдьыаҥ.
                                Ы л д ь а а таҥнан тахсан барар.
                          Силип саҥата суох биир сири көрөн олорор.
                Ол аата биллэрдэхтэрэ… Ол аата өлөөрү гыннаҕым…
               Саҥата суох олорор. Оттон турар, муннуктан сууламмыт харчыны хаһан
                 таһаарар. Аһан, илиитигэр ылан, өр тугу эрэ толкуйдаан олорор…
               Оттон туох эрэ санаатын булуммуттуу, ол харчыттан харчы ааҕан ылар.
                   Сорҕотун суулаан төттөрү уурар. Уоннааҕытын хоонньугар уган,
                            сонун кэтэн, тахсан барар. Хараҥарар…
                                       ҮҺҮС ТӨГҮЛЭ

                Куорат уулуссата.  С и л и п  хааман иһэр. Уот-күөс, реклама ыҥырар
                    уоттара дьиримнииллэр. Барыта дьоппуоннуу суруллубуттар.
               Биир өстүөкүлэ витрина аттыгар кэлэн тохтуур. Витринаҕа дьон көрдүн
             диэн туруоруллубут бонсай турар. Туой көһүйэҕэ быыкайкаан бэйэлээх мас
             үүнэн турар. Итини Силип алаас ортотугар соҕотох бэс диир. Силип сирэйэ
                өстүөкүлэ кэннигэр сырдаан көстөр. Кини мичээрдээбит, үөрбүт аҕай
                                        көрүҥнээх...

                                     ТӨРДҮС ТӨГҮЛЭ
                Сыанаҕа хараҥа. Силиптээх Ылдьаа ордуулара подвал. Таһырдьаттан
             сирэйэ сырдаабыт  С и л и п киирэн кэлэр. Сонун анныгар тугу эрэ сэрэнэн
               туппут. Муннукка тиийэн уоту уматар. Аргыый аҕай сэрэнэн хостообута:
             туой көһүйэҕэ кыракый бэс үүммүтүн аҕалбыт эбит. Ити — бонсай.  С и л и п
                тугу барытын умнан туран ол көһүйэни иннигэр ууран көрөн олорор…
                Силип  (ботугуруур).  Алаас  ортотугар  соҕотох  бэс…  Аны
             билигин  эн  миэнэҕин  эрэ,  кимиэнэ  да  буолбатаххын…  Айыы
             Тойон Таҥарам, дойдубар эргиллэн кэлэр күннээх эбиппин…

              216
   211   212   213   214   215   216   217   218   219   220   221