Page 219 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 219
олоруохпутуй, бары бииргэ тутуһан эрэ сырыттахпытына ор-
дуохпут. Бары бииргэ мустан сүбэ булунарбыт ордук буолуох
этэ. Онон суруккутун күүтэ хаалабыт. Аадырыспыт… Куһумуун,
Эрэһээнискэй, Микииппэрэп. Харбин куорат.
Пауза.
Ы л д ь а а. Дьэ, хайыыбыт?
С и л и п. Тупсуоҕуҥ диэбиттэр… Урут да тупсуоҕуҥ дэс-
питтэрэ. Уонна син биир кэлии нууччалар дьаһайыыларыттан
тахсыбат этилэр. Билигин да оттон ордубатахтара буолуо дии
саныыбын…
Ы л д ь а а. Оттон Артемьев, Баайыһап?
С и л и п. Ким билэр, оҕолоор… Баҕар, ол барыта сымыйа
буолуо. Соруйан биһигини тутар угаайылара эрэ буолуо.
Ы л д ь а а. Оччоҕо оттон саатар дьоммутугар баран ону
барытын сүбэлэһиэххэ буоллаҕа.
С и л и п. Оттон… барар буоллахпыт дии…
Ы л д ь а а. Оччоҕо иммиграционнай былаастартан көҥүл
кумааҕытын эккирэтиһэ барыахха наада буоллаҕа. Сөп. Онон
барабыт. Ыл, харчыбытын аҕал эрэ, мин билигин Токиоҕа ба-
рабын.
Силип. Оннук. (Хасыһан сууламмыт харчыны таһааран
биэрэр.) Мэ.
Ылдьаа (ылан харчыны ааҕар). Сүүс, икки сүүс, үс сүүс,
түөрт сүүс… биэс сүүс… Хайдах хайдаҕый бу? Баара-суоҕа
биэс сүүс эрэ баара дуо манна? Эс, доҕор!.. Манна тыһыынча
иен баар этэ дии? Аҥаара ханна барда?
С и л и п. Ээ, ити мин… Бүгүн бу маны атыылаһан кэбис-
тим… (Ол көһүйэлээх бэһин таһаарар.)
Ылдьаа (мах бэрдэрэр). Бу… маны дуо?
С и л и п. Ээ, итини…
Ы л д ь а а. Бүтүн биэс сүүс иенаҕа дуо?
С и л и п. Оттон… оннук… оннугар тахсар…
Ы л д ь а а. Тоҕо? Туох иһин?
С и л и п. Оттон… мин кэпсээбитим дии…
Ы л д ь а а. Тугу?
С и л и п. Алааһым туһунан… Уонна алааһым ортотугар үүм-
мүт бэс туһунан…
Ы л д ь а а. Ханнык алаас? Ханнык бэс?
С и л и п. Оттон… Ити миигин эн наар тимир суол аттынаа-
ҕы уулуссаҕа көрөбүн диэбитиҥ дии… Ол уулуссаҕа мин өрүү
бу бэһи көрөөрү сылдьар этим ээ… Оттон бу бүгүн өр тол-
219