Page 214 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 214

С и л и п.  Ээ,  суох,  бэйэм.  Ону-маны  буолары-буолбаты
             саҥарабын…
                Ылдьаа. Ээ…
                С и л и п. Манна  кэлэн  тэһийбэккэ  иэдэйдим…  Урут  маҥ-
             най кэлэн баран, Токиоҕа олордохпутуна, кэм нууччалардыын
             кэпсэтэн  тыыммын  таһаарар  этим.  Оттон  манна  Йокохамаҕа
             көһөн  кэлиэхпититтэн  ыла  ким  да  суох…  Ити  тиһэх  нуучча-
             быт Варфоломеев хотунунуун Кытайга бүгүн бардахтара дии…
             Тэһийбэккэ  бэйэм  бэйэбин  кытары  таах  кэпсэтэ  сылдьарга
             үөрэнэн хаалбыппын…
                Ы л д ь а а. Уонна Мэхээлэлиин диэ…
                С и л и п. Ону эн хантан ылан эттиҥ?
                Ы л д ь а а. Хас түүн аайы кинилиин кэпсэтэн тахсаҕын дии…
                С и л и п. Мин дуо? Эс, хайдах оннук буолуой?
                Ы л д ь а а. Бөлүүн түүн эмиэ туох эрэ алаас туһунан кини-
             лиин кэпсэтэн тахсыбытыҥ… Ол туох алааһый?
                С и л и п. Ээ, ким билэр? Ону эн хантан ылан этэриҥ буол-
             ла…
                Ы л д ь а а. Чэ, кистээмэ, эмиэ кистээн эрэҕин. Ити били-
             гин эмиэ ол алаас, бэс туһунан саҥарбытыҥ дии.
                                           Пауза.
                С и л и п. һэ! Эн, кырдьык даҕаны, миигин олох кэтии сыл-
             дьаҕын быһыылаах. Эйигиттэн, кырдьык даҕаны, киһи тугу да
             кистээн туһаныа суох дуу, хайдах?..
                Ы л д ь а а. Чэ, кэпсээ, Силип…
                С и л и п. Оттон  алаас  алаас  курдук  буоллаҕа  дии…  Атын
             алаастартан тугунан да атына суох, ортотугар кыракый булгун-
             ньахтаах, кытыытыгар хомустаах күөллээх. Арай уратыта диэн
             ол булгунньаҕын үрдүгэр соҕотох бэс мастаах… Ол иһин аата
             эмиэ Бэстээх алаас диэн… Урут ол булгунньаҕын үрдүгэр хас
             да тиит мас үүнэн турбута үһү да, биирдэ өрт уота кэлэн, ол
             тииттэри  сиэн  кэбиспит,  арай  биир  кыракый  бэрдьигэс  эрэ
             булгунньах  үрдүгэр  соҕотоҕун  ордон  хаалбыта  үһү…  Дьэ,  ол
             бэрдьигэс  улааттар  улаатан,  кэлин  бэс  киэнэ  ааттааҕа буол-
             лаҕа  дии…  Биһиги  Мэхээлэлиин  хаһан  эмит  дойдубутугар
             кэллэхпитинэ,  наар  ол  бэскэ  кэлэр  буоларбыт.  Биһиги  эрэ
             буолуо  дуо,  ол  бэһи  нэһилиэк  дьоно  бары  ытыгылаан  араас
             бэлэх-туһах  уураллар  этэ…  Кыһыннары-сайыннары  мэлдьи
             күөх туран, ол бэс ордук кыһын тупсан көстөрө. Үп-үрүҥ хаар
             үрдүгэр, тымныы кыһын ортотугар өрүү сайыны санатан тура-
             ра харахпар билигин даҕаны бу баар… Ылдьаа…

              214
   209   210   211   212   213   214   215   216   217   218   219