Page 215 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 215
Ылдьаа эппиэттээбэт. Силип өндөйөн көрөр.
Утуйбут… Чэ, утуйаахтаатын… Утуйаахтаатын… (Төттөрү
сы тар.) Алаас ортотугар соҕотох бэс… Мин бэһим… Ман-
на дьоппуон омук сиригэр, үс ньүкэн түгэҕэр мин көрүстүм
эйи гин, мин хаарыан бэһим… Ол аата мин дойдубуттан олох
да… тэйбэтэх буоллаҕым!.. Ол аата бу барыта сымыйа, түүл
буол лаҕа дии… Мин хаарыан соҕотох бэһим… Сарсын эмиэ
эйиэ хэ тиийиэм, эн күлүккэр сытан сөрүүкээн сынньаныам, эн
иннигэр тобуктаан туран айыыбын-харабын ааҕан нөрүйүөм…
Сарсын эмиэ…
Тугу эрэ салгыы ботугуруур. Муусука тыаһыыр. Хараҥарар.
ИККИС ТӨГҮЛЭ
Сыана аргыый сырдаан кэлэр. Ы л д ь а а л а а х С и л и п утуйа сыталлар.
Ылдьаа уһуктан кэлэр. Аргыый өндөйөн Силиби көрөр. Оттон аргыый туран,
таҥнан, хибатига чох кутан, күөдьүтэн үрэр. Силип ол тыастан уһуктан
хамсаан кэлэр.
Ы л д ь а а. Хайа, Силип… Уһугуннуҥ дуу?
С и л и п. Ээ… уһуктубутум ыраатта…
Ы л д ь а а. Тоҕо утуйбаккын?
С и л и п. Ээ чэ, мин соло киһи хаһан баҕарар утуйуом
буол лаҕа… Эн турдуҥ?
Ы л д ь а а. Туран. Кыратык хабыалыы охсоот, оттон үлэбэр
барыам этэ буоллаҕа дии…
С и л и п. Ээ…
Ы л д ь а а. Хайа, тугу түһээтиҥ?
С и л и п. Ээ, ким билэр, доҕор… Ончу умнан кэбиспиппин.
Оттон эн?..
Ы л д ь а а. Ээ, соччо суох… Хата, эн түһээтиҥ аҕай быһыы-
лаах, кэпсээ эрэ…
С и л и п. Ээ дьэ, хайдах эрэ дьээбэ баҕайы… Дойдубар
сылдьабын диибин…
Ы л д ь а а. Дьэ-дьэ…
С и л и п. Кыһын диибин… Мин хантан эрэ сыарҕалаах аты-
нан айаннаан иһэбин… Арааһа, куораттан быһыылаах. Сып-сыр-
дык ыйдаҥалаах түүн диибин. Көрбүтүм — алааспар, дьом-
мор чугаһаан эрэр эбиппин, көс эрэ аҥаара хаалбыт эбит.
Сыҥаһалаах диэн улахан үстүүлээх остоолбо күрүөнэн эрги-
тиллибит алаас баар биһиэхэ… Ол кытыытынан киһи уҥуох-
таах тумулун аннынан айаннатан иһэр эбиппин… Уонна хай-
дах эрэ сүрэхпэр туох эрэ сүгэһэр баарын курдук… Сүрэхпин
аалар… Тоҕотун бэйэм да билбэппин… Тугу оҥорбут буол-
215