Page 220 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 220
куйдаан баран атыылаһарга быһаарыммытым… Уонна, оттон
атыыластаҕым дии…
Ылдьаа (эмискэ алларастаан тоҕо барар). һа-һа-һа! Эн
бу маһы… Бу маны атыылаһарга биһиги баар-суох харчыбы-
тын, муҥур уһукка эрэ тиийдэхпитинэ туттуохтаах харчыбытын
алдьаттыҥ дуо?! Бу айанныыр харчыбыт этэ дии! Өйдүүгүн
дуо? Дойдубутугар айанныыр!.. Эн! Бу маһы! Эн иирбиккин!
Оччоҕо биһиги ханнык харчыбытынан айанныыбытый дьом-
мутугар?! Эн эт эрэ миэхэҕэ! Ханнык харчыбытынан?! Бу эн
акаа ры маскынан дуо?! Бу эн алаас диэн ааттыыр көһүйэҕинэн
дуо?! (Көһүйэни охсоору гынар.)
Силип (көһүйэни бэйэтинэн хаххалыыр). Ылдьаа! Ыл-
дьаа, тохтоо! Иһит миигин! Мин хаалабын! Ити эн харчыҥ!
Мин хаалабын манна! Ол иһин ити маһы мин бэйэм харчы-
бынан ылбытым!
Пауза.
Ы л д ь а а. Туох диэтиҥ?.. Мин өйдөөн истибэтим ээ…
Өссө хатылаа эрэ…
С и л и п. Ылдьаа… Мин манна хаалабын…
Ы л д ь а а. Хайдах?.. Тоҕо?
С и л и п. Мин хаалабын манна…
Ы л д ь а а. Эн… эн… Эмиэ туох буоллуҥ эн эмискэ бүгүн?
Эн өйдүүгүн дуо — бу баар ол дьоммут суруга! Умна оҕустуҥ
дуо эн бүгүн — төһөлөөх өр биһиги бу суругу кэтэспиппитин?!
Өйдүүгүн дуо? Бу баар — ол дьоммут суруга! Кинилэр биһи-
гини кэтэһэллэр!
Өйдүүгүн дуо эн ону?! Кэтэһэллэр! Биһиги бары атын дой-
дуларга олох долгунугар оҕустаран сылдьар саха дьоно бары
бииргэ тутуспутунан сылдьыахтаахпыт! Сахабыт сирин туһу-
гар! Оттон эн туораары гынаҕын дуо? Ол аата син биир таҥна-
рыыга тэҥнээх буоллаҕа дии!
С и л и п. Тохтоо! Мин хаһан да кими да таҥнара иликпин.
Өйдөөтүҥ дуо?.. Хаһан да, кими да…
Ы л д ь а а. Хайдах? Оттон миигин таҥнарбатыҥ дуо? Ик-
киэн тутуспутунан сылдьыах буолбуппут дии…
С и л и п. Оттон оннук да…
Ы л д ь а а. Суох, оннук буолбатах. Эн миигин таҥнардыҥ!
С и л и п. Суох, Ылдьаа…
Ы л д ь а а. Оччоҕо тоҕо? Тоҕо хаалабын диигин?
С и л и п. Ылдьаа… Миигин бырастыы гын… Мин син биир
айаны кыайан уйуом суоҕа…
Ы л д ь а а. Хайдах?.. Силип… оттон бу эн… этэҥҥэ сыл-
220