Page 222 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 222

сүрэхтээхтэрин… Киһи сөҕүөх эрэ курдук… Дьиҥнээх сыаната
             диэн  баһаам  элбэх  буоллаҕа.  Ону  бүгүн  тиийэн  мин  атыы-
             лаа  диэн  көрдөстүм  оҕонньорбуттан.  Ону,  хата,  кини  миигин
             аһынан бу баччаҕа эрэ атыылаата.
                Ы л д ь а а. Баччаҕа  эрэ…  һэ!  Баччаҕа  эрэ!  Ити  биир  би-
             лиэт сыаната! Өйдүүгүн дуо?! Мантан, Йокохаматтан, Кытайга
             тии йэр  биир  билиэт  сыаната!  Өйдүүгүн  дуо  ону,  эн?!  Алаас
             диигин!  Көр  үчүгэйдик!  Алаас  үһү  дуо  бу!  Өйдөөн  көр!  Көр!
             Бу  туой  көһүйэ  алаас  үһү  дуо?  Алаас  дуо  бу?  Чэ,  үчүгэйдик
             болҕойон  өйдөөн  көр!  Алаастаах  ээ…  Эйиэнэ  барыта  итин-
             ник… Бу туой көһүйэ — алаас, ити чохтоох тимир чабычах —
             көмүлүөк оһох… Өйдөө, бу барыта дьоппуоннар киэннэрэ. Ити
             саха алааһа буол батах — дьоппуон бонсайа. Оттон бу көмүлүөк
             буолбатах  —  дьоппуон  хибатита!  Хараххын  ас,  убайым  оҕон-
             ньор! Манна кэлэҥҥин отой сахаҕын умнан, дьоппуон буолан
             бүппүккүн!
                С и л и п.  Эн!..  Эн!  Оннооҕор  эн  миигиттэн  кистээн  дьоп-
             пуон  тылын  үөрэтэҕин.  Оттон  сөпкө  гынаҕын!  Манна  хаалан
             дьоппуон омугун элбэтээри оҥосто сырыттаҕыҥ дии! Өскө ити
             дьоммут суруга кэлбэтэх буоллун — эн, хата, манна дьоппуону
             кытары  дьоппуон  буолан  симэлийэн  хаалыаҥ  этэ!  Сахабын,
             сахабын диигин да — туттардыын-хаптардыын дьоппуон буо-
             лан бүтэн эрэҕин! Сымыйа дуо, ол?! Хата, бэйэҕин көрүн! Уон-
             на өссө сахалаах баҕастаах!
                Ы л д ь а а. Эн санааҕар, миигин тоҕо үлэҕэ ылбыттара буо-
             луой? Эт эрэ ону миэхэ.
                С и л и п. Бэйэҥ ону билэн эрдэҕиҥ.
                Ы л д ь а а. Билбэтэҕэ буолар ээ! Тоҕо диэтэххэ, мин дьоп-
             пуоннуу кыратык да буоллар кэпсэтэргэ үөрэнним. Аҥаардас
             ол эрэ иһин! Ол эрэ иһин! Ону эн хантан билиэҥий? Мин моон-
             ньубар манна бэлэмҥэ олорон ол-бу диир чэпчэки буоллаҕа!
             Уопсайынан  даҕаны,  эн  кимҥиний?  Ким  манна  кэлэрбитигэр
             дьоппуоннар  диэн  мэҥийэр  этэй?!  Дьоппуоннар  көмөлөһүөх-
             тэрэ,  дьоппуоннар  абырыахтара!  Ханнаный  ол?!  Ханналарый
             ол  эн  хайгыыр,  туой  арбаан  тахсар  «Арай  Гуми»  фирмаҥ?!
             Кэл биппитигэр  —  үүрэн  ыыппыттара,  өссө  ороскуокка  киир-
             дибит  диэн  төлөппөтөхтөрүгэр  баһыыба!  Ханналарый  ол  «Ки-
             то-Марс», «Нихон-Моохи» фирмалар?! Ээ, хоттордугут — оччо-
             ҕо эһиги биһиэхэ наадаҕыт суох! Дьэ, кыайбыккыт буоллар —
             атын кэпсэтии буолуох этэ! Биллэр буоллаҕа дии кинилэр тугу
             саныыллара!  Кинилэр  биһигиттэн  көмүспүтүн,  түүлээхпитин
             эрэ босхо суйбуурдуохтарын, көҥүл айбардыахтарын баҕарал-

              222
   217   218   219   220   221   222   223   224   225   226   227