Page 217 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 217
Аны мин эйигиттэн хаһан да арахсыам суоҕа… Туох да буол-
лун, хайа да иэдээн буоллун, өлөрөбүт да диэтиннэр…
Эмискэ ыраах борохуот хаһыыта иһиллэр. Силип ах баран, иһиллии олорор.
Кумано-мару… Аны үс хонугунан Кытай сиригэр устан тии-
йиэҕэ… Оттон ол Кытай сириттэн кыраныыссаны туораа да
Саха сирэ бу турдаҕа… Саха сирэ… Мин дойдум…
Эмискэ Силип сөтөллөн киирэн барар. Кини бэргээбитэ өтө көстөр.
Өр сөтөллөр. Оттон Силип сэниэтэ эстэн, оронугар сытынан кэбиһэр.
Бэстээх көһүйэтин илиитинэн имэрийэр, хараҕын онтон араарбат.
Алаас ортотугар соҕотох бэс… Мин эйиэхэ айаннаан кэлэн,
бу эн күлүккэр сынньана сыттаҕым… Аан дойдуну барытын
арҕаран, атын дойдуларынан тэлэһийэн, сылайан-сындалыйан,
элэйэн-быстан, бу кэлэн сыттаҕым… Алаас ортотугар соҕотох
бэс… (Мичээрдиир, бэһи имэрийэр.) Алааһым барахсан от-
туун-мастыын, сыттыын-сымардыын тупсубута үчүгэйин…
Эмискэ аан тыаһыыр. Силип бэһин сонунан сабан кистии охсор.
Таһырдьаттан Ы л д ь а а киирэн кэлэр. Быһыыта уларыйбыт, хайдах эрэ
дьикти буолан кэлбит.
Ы л д ь а а. Хайа, дьиэлээхтэр, туох сонун? Туох кэллэ-
барда?
С и л и п. Суох. Үрэх баһын дьонугар биһиэхэ туох сонун
баар буолуой. Хата, бу эйиэхэ, ыраах сиринэн ыырданар айан
киһитигэр, баара буолуо буоллаҕа.
Ы л д ь а а. Эс, оттон миэхэ да кэмчи буоллаҕа… Сүөһү-ас
хайдах турар? Быйыл оккут төһө үүннэ?
С и л и п. Оттон син аҕай. Сыл тахсар инибит диэн олоро-
бут. Оттон эһиги диэки хайдаҕый?
Ы л д ь а а. Ээ, оттон биһиги да диэки син соҕус. Быйыл
ардахтаах угут дьыл буолан бэркэ абыраата. Урут курааннаан
турбут алаастарга тэллэх баттаһа бугул бөҕөтө бачыгыраата…
С и л и п. Ок! Дьэ, кырдьык, абыраммыт дьон эбиккит! От-
тон оннук үтүө дьыллаах байбыт-топпут дьон оттон туохтаах-
эмэлээх инигит?.. Биһиги диэки ол күндү ас сүппүтэ да ыраат-
та…
Ылдьаа (хоонньуттан бытыылканы таһаарар). Хайаан
суох буолуой — баара чуолкай буоллаҕа!
С и л и п. Ок, дьэ кырдьык, тупсубуккут эбит, доҕор! Бэйи
эрэ, хончоҕордордо чугаһатыахха, тоҥ сылгы хаһатын кил-
лэрэн кырбыахха! (Туран чааскыларын баран аҕалар.) Оттон
малаа һынныыр буоллахпыт дии! Ылдьаа, хайа туох буолла,
хамнаскын эптилэр дуо үлэҕэр?
217