Page 223 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 223
лар! Онон бүттэ! Өйдүүгүн дуо — бүттэ! Ол баар — эн хайгыыр
дьоппуоннарыҥ! Хайҕаа, хайҕаа… Ити бээгэй бэскин кууһан
баран сырыт! Кырдьыга даҕаны, эн саха үһүгүн дуо?
С и л и п. Ханнык саха? Ханна баарый манна саха? Суох.
Мин дьоппуоммун. Тоҕо саха буолуохпунуй, дьоппуон буол-
лаҕым дии! Оттон эн саха буолан баран тоҕо бу дьоппуоннуун
манна кэпсэтэ тураҕын? Өссө босхо моойгор олордоҕун, айах
адаҕата оҥостоҕун… Тоҕо ону манна эн тулуйа сылдьаҕын?
Бар ээ оччоҕо мантан! Тоҕо тураҕын?!
Ы л д ь а а. Барыам даҕаны! Сөбүн тулуйа сатаатым. Били-
гин, дьэ кырдьык, тулуйарбыттан аастым… Уонна мин биири
өйдөөтүм эн соруйан… соруйан миигин манна аҕалбыккын…
Мин ону билигин эрэ өйдөөтүм… Эн эрэ буруйдааххын мин
манна кэлбиппэр! Дойдубуттан арахсыбыппар! Мин эйигин
эрэнэр этим! Эн миэхэ өрүү саха омуга хайдах буолуохтааҕын,
хайдах сайдыахтааҕын туһунан кэпсээн тахсар этиҥ. Ону мин,
оо, акаары да эбиппин, барытын ыраастык ылынан, итэҕэйэн
иһэр этим. Дьиҥинэн, мин ону билигин эрэ өйдөөтүм — эн
миигин таах маҥкы маһа курдук, бэйэҥ «улуу идиэйэлэриҥ»
кулута оҥостон илдьэ сылдьыбыккын! Эн мин хааммын иһэн,
күүспүн ылан сылдьыбыккын. Эн Мэхээлэлиин эрэ бааргыт!
Мин — суохпун! Мин төрүт суохпун! Мин өйдөөтүм. Миигин
эһиги бэйэҕит икки ардыгытыгар далаһа эрэ оҥостубут эбик-
кит! Эһиги иккиэн Мэхээлэлиин. Мин ону биллим… Билигин
ол аайы далаһаҕыт суох буолар. Бүттэххит буолуо… Мин эһи-
гини иккиэҥҥитин силлиибин! Истэҕин дуо, силлиибин! Олор
манна, бэйэҥ сүлүһүннээх сөтөлгүн кытары! Олор! Оттон мин
бардым! Бардым! Мин хайаан да дойдубар тиийиэҕим!
С и л и п. Бар! Бар! Онно эйигин кыһыллар начаас саа уоһу-
гар туруоруохтара!
Ы л д ь а а. Буоллун! Бэйэм дойдубар өлбүтүм да көнө! Мин
бардым! Эн хаал манна! Хаал! Ити бээгэй дьоппуон бэһин
кууспутунан!
Ы л д ь а а ааны хайа быраҕан тахсан барар.
Силип төбөтүн хам туттан умса түһэр.
Таһырдьаттан эрэстэрээн тыаһа, муусука, күлсүү күүһүрэр…
Хараҥарар…
223