Page 225 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 225
Тыыннаах тыл
«Бу пьеса биһиги билиҥҥи кэммитин, уопсастыбабыт олоҕун
быһаччы таарыйар. Пьеса эмиграциялыыр куттал эмиэ үөскүө
диэн эрэ сэрэтэр буолбатах, ханнык да бэлиитикэ мөккүөрүгэр
киирэн биэрбэккэ бэйэ-бэйэни тулуйсар, харыстаһар уһун-киэҥ
санаалаах буолар дириҥ гуманнай идиэйэни бастакы күөҥҥэ
таһаарар…» — диэн чинчийээччилэр санааларын ситэриҥ.
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
Өрөбөлүүссүйэ силлиэлээх холоругар ытыллан, аан дойду
араас муннугар тиийбиттүгэммит саха дьонун уустук олох-
торун туһунан «Дойду ахтылҕана…» диэн тиэмэҕэ санаа атас
таһыыта тэрийиҥ.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Сиэн Өкөр «Алаас ортотугар соҕотох бэс» пьесатынан уһул-
лубут киинэни эбэтэр «Үс ньүкэн түгэҕэр» испэктээги булан
көрүҥ, сыанабылла суруйуҥ.
ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТЭ
Пьеса — кыра кээмэйдээх драматическай эбэтэр музыкальнай
айымньы.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
Сиэн Өкөр «Тулабыт барыта хайалар», «Тайбаан арыы» пьесала-
рынан киинэ уһуллубута. Ол туһунан көрөөччү суруйбутун ааҕыҥ.
«Саха киинэлэриттэн аан бастакынан киһи дууһатын тоҥсуйбут
киинэлэр дии саныыбын. Дьиҥнээх бүгүҥҥү олоххо баар көстүүнү
ха һыытаппакка-ыһыытаппакка, ол гынан баран тупсарбакка, түгэх-
тээхтик көрдөрбүт, саха норуотун «аалларар ыарыытын» аһаҕастык
эки рээҥ ҥэ таһаарбыт. Улахан дьон, сөҕүөхпүт иһин, 14—15 саастаах
оҕолор олус уйадыйан туран көрдүлэр. «Тоҕо кэлиэкэ киһини Мии-
тээни дьон туоратарый? Кимиэхэ да куһаҕаны оҥорбот дии…», «Ама,
ыт киһитээҕэр ордук буолуо дуо?», «Тоҕо Дуунньа тапталын таҥнар-
225