Page 210 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 210

тээххэ-силбиккэ  таһырдьа  тахсаҕын…  Сөтөлүҥ  бэргиэ  дии…
             Оттон эн бэргээтэххинэ биһиги хайыахпытый? Сэрэниэҥ этэ…
             Эбэтэр луохтуурдарга көрдөрөбүт дуу?
                С и л и п. Суох, Ылдьаа… Хайдах эмит гынан ааһар ини…
                                           Пауза.
                Ы л д ь а а. Силип… Оттон эн тоҕо кистиигин? Мин билэбин
             ээ, ити ыарыыны… Мин дьонум эмиэ ити ыарыыттан, сэллик-
             тээн өлбүттэрэ. Эн биһиги кыра харчылаахпыт дии. Луохтуур
             ыҥыран көрдөрүөххэ буоллаҕа дии. Дьоппуон омук луохтуур-
             дара  ити  ыарыыны  эмтиир  дьон  буолуохтаахтар.  (Муннуктан
             сууламмыт харчыны таһаарар.)
                С и л и п. Суох, Ылдьаа… Ити харчыны биһиги муҥур уһук-
             путугар  тиийдэхпитинэ  эрэ  туттуох  буолбуппут  дии…  Ити
             айам мыт харчыта дии… Уур, уур төттөрү…
                                Ылдьаа харчыны төттөрү уурар.
                Ы л д ь а а. Силип… Бүгүн ханнык борокуот барбытай? Ти-
             куго-мару дуо?
                С и л и п. Ээ, кини… Ону эн хантан биллиҥ?
                Ы л д ь а а. Мин  кинилэри  эндэппэккэ  билэбин.  Хаһыыла-
             рынан. Тикуго-мару эрэ киэнэ итинник, хайдах эрэ алаас куу-
             латыгар атыыр оҕус айаатаан эрэрин курдук лоҥкунуур… От-
             тон Кумано-мару хаһыыта отой атын… Ынах ыанньыйан кэлэн
             маҥырыырын  курдук.  Хатан  уонна  кэһиэхтээх  соҕус…  Оттон
             Оми-мару… Силип, туох буоллуҥ? Бэргээтиҥ дуо?
                С и л и п. Суох…  Мин  саныыбын  ээ…  Билигин  Мэхээлэ
             хайдах  сылдьара  буолла  диэн…  Мин  манна  сылдьарбын,  бу
             маннык эрэйдэнэ сылдьарбын түһээн дуу, баттатан дуу көрөрө
             дуу, суоҕа дуу
                Ы л д ь а а. Ээ, ол кини туох диэн саныай, кыһылларга атыы-
             ламмыт киһи. Хата, чыына-хаана өссө үрдээн олордо ини…
                С и л и п. Эн итинник диэмэ… Кини оннук киһи буолбатах…
             Биһиги  иккиэн  кинилиин  чыкаалар  бадбаалларыгар  сыппып-
             пыт… Ону эн билэҕин дуо?
                Ы л д ь а а. Билэбин.  Оттон  билигин  биһиги  бу  Йокохама
             куорат  бадбаалыгар  сытабыт.  Үс  ньүкэн  түгэҕэр…  Чыкаалар
             бадбаалларыгар диигин… Оттон онно чыкаалар кинини ээҕин
             этиттэхтэрэ, иннин ыллахтара дии!
                С и л и п. Суох!  Тугу  билэҕин  эн!  Эн  диэн  уоһугар  уоһаҕа
             куура илик молохочуос буоллаҕыҥ дии! Кини туһунан итинник
             саҥарыма,  хаһан  да!  Өйдөөтүҥ  дуо?!  (Пауза.)  Мин  кинилиин
             олох  бииргэ  улааппыппыт,  бииргэ  учуутал  институтун  бүтэр-

              210
   205   206   207   208   209   210   211   212   213   214   215