Page 207 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 207
да буолуо суоҕа, ымыр да гыныа суоҕа — икки саха өлбүтүн
аайы… (Пауза.) Киһи элбэх этэ дуо?
С и л и п. Элбэх…
Ы л д ь а а. Ким эмит биһиги билэр дьоммутуттан баара
дуо?
С и л и п. Варфоломеев полковник… кэргэниниин…
Ы л д ь а а. Варфоломеев туох диирий?
С и л и п. Туох диэй?.. Кытаатыҥ, тулуһуҥ диэхтиир…
Ы л д ь а а. Сөп… Оттон ол кинилэр дойдуттан тахсарга
көҥүл хайдах ылбыттарый?
С и л и п. Сыл аҥаарын быһа эккирэтиһэн уонна Харбиҥҥа
баар табаарыстара көмөлөһөн, ыҥырыы ыытаннар көҥүллээ-
биттэр.
Ы л д ь а а. Харбиннааҕы табаарыстара диигин дуу?.. От-
тон кинилэр бэйэлэрэ ханна тиийэбит дииллэрий? Эмиэ Хар-
биҥҥа дуо?
С и л и п. Ээх, Харбиҥҥа…
Ы л д ь а а. Оттон онно…
Силип (быһа түһэр). Оттон эттэҕим дии кинилэргэ! Этэр-
бин ааһан өссө сурук суруйан биэрэн ыыттым. Биири — Хар-
биҥҥа, иккиһин — Мукдеҥҥа… Ол эрээри, ким билэр…
Ы л д ь а а. Хайдах ким билэр диэн?
С и л и п. Сылы быһа суруйан тахсыбыппыт дии, хас ый
аайы иккилиитэ, үстүүтэ. Туох эмит эппиэт кэлбитэ дуо? Суох.
Ы л д ь а а. Баҕар, ол суруктарбытын дьоппуоннар аара
тутан ылаллара буолуо, биитэр кытайдар… Ону биһиги хан-
тан билиэхпитий… Оттон билигин кэм эрэллээх дьонунан
ыыттахпыт дии. Варфоломеев полковник тиксэриэҕэ, өскөтүн
биһиги дьоммут Харбинтан ханна да көһөн хаалбатах буол-
лахтарына. Оннук албын-ньэгэй киһи буолуо диэн мин кинини
санаабаппын…
С и л и п. Арахсарбытыгар Варфоломеев хотуна кириэһи-
нэн ылан былаҕастабыы оҕуста. Ытамньыйда. Хайдах манна
иккиэйэҕин эрэ хаалаҕыт диэтэ…
Пауза.
С и л и п. Ылдьаа…
Ы л д ь а а. Тугуй?
Пауза.
С и л и п. Эн миигин бырастыы гын…
Ы л д ь а а. Һы… Ол туохха?..
207