Page 209 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 209

Эн  санааҕын  түһэримэ,  биһиги  өрүттүөхпүт.  Кытайга  баар
         дьоннорбут  биһигини  булуохтара.  Мин  билэбин  —  кинилэр
         биһигини хайаан да булуохтара… Олох да сүтэрсиэ суох дьо-
         ну ити сир хамсааһына буолбатаҕа буоллар…
                                       Пауза.
            С и л и п. Ылдьаа…
            Ы л д ь а а. Тугуй?
            С и л и п. Мин  кэнники  кэмҥэ  наар  санаан  тахсабын  ээ…
         Ити  тоҕо  биһиги  манна  кэлиэхпитин  эрэ  кытта  ити  иэдээн
         тахсыбытай диэн… Өр толкуйдаатым… Уонна дьэ биллим…
            Ы л д ь а а. Тоҕо?
            С и л и п. Ити барыта Дьылҕа Хаан Тойон биһиэхэ соруйан
         ыытар…  Соруйан…  Тоҕо  диэтэххэ,  биһиги  айыыбыт-харабыт
         баһаам  элбэх…  Дьылҕа  Хаан  Тойон  биһиэхэ  кыыһырар.  Дой-
         дуларын бырахтылар диэн…
            Ы л д ь а а. Суох! Суох! Оннук буолбатах! Мин эмиэ ол кэн-
         ниттэн эмиэ үгүстүк итини толкуйдаабытым… Суох, ол итинник
         буолбатах.  Ити  Дьылҕа  Хаан  Тойон  соруйан  биһиги  уйаммы-
         тын-хатаммытын билээри соруйан туруулаан көрөр. Киристиэс
         Таҥараны эмиэ Тойон Таҥара хайдах гыммытай?.. Эмиэ эрэй
         бөҕөтүгэр  тэппитэ,  соруйан,  уйанын-хатанын  билээри.  Син
         биир оннук буоллаҕа дии… Өскөтүн биһиги бу иэдээнтэн дьу-
         лайбакка, өрөйөн-чөрөйөн таҕыстахпытына, оччоҕо эрэ Тойон
         Таҥара биһиэхэ биэриэҕэ! Өскөтүн бу маны тулуйбакка, сын-
         тарыйан  биэрдэхпитинэ,  дьэ,  кырдьык,  биһиги  дууһаларбыт
         Аат Айаҕар түһүөхтэрэ…
            С и л и п. Ким билэр, доҕоор… Хайдах эбитэ буолла… Аан
         дойду атыйахтаах уу курдук айманара онно баар этэ… Бүтүн
         улахан  куорат  көрүөх  бэтэрээ  өттүгэр  күл-көмөр  буолара
         диэн…  Туох  баар  малбыт-салбыт,  харчыбыт  барыта  биирдэ
         умайдаҕа ол…
            Ы л д ь а а. Тыыннаах хаалбыккыттан үөр… Хата, куорат кы-
         тыытыгар  олорор  буолан  быыһаммыппыт  дии…  Арай  ортоту-
         гар баар мэндиэмэннээх дьиэлэргэ олорбуппут эбитэ буоллар
         баттатан дуу, биитэр баһаарга умайан өлүөх этибит…
            С и л и п. Мин саамай аһыйарым диэн эмээхсиним бокуон-
         ньук хаартыскатын сүтэрбиппиттэн… Чэ, ону хайыаҥ баарай…
         Ыл,  тукаам,  Ылдьаа,  көмүлүөккэр  маста  быраҕан  биэр  эрэ,
         тоҥон да бардым…
                         Силип сэниэтэ эстэн сытынан кэбиһэр.
            Ы л д ь а а. Силип…  Эн  сэрэниэ  этиҥ…  Тоҕо  бачча  сиик-

                                                                      209
   204   205   206   207   208   209   210   211   212   213   214