Page 201 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 201

бөҕөргөөн  хаалла.  Бэйэ-бэйэбитигэр  үтүөнү  эрэ  баҕарарбыт,
         ис  сүрэхпититтэн  көмөлөһөрбүт  үксээтэ.  Биһиги  туспутугар
         учууталларбыт кытары туруммуттара биллэр. Үөрэнээччилиин,
         учууталлыын — биир киһи туһугар, биир киһи — барыбыт туһу-
         гар диэн санаанан иннибит хоту дьулустубут.
            Бэс  ыйын  бастакы  күнүттэн  судаарыстыбаннай  эксээмэн-
         нэр  саҕаланаллар.  Билиҥҥитэ  бука  бары  бэлэммит  үчүгэй.
         Күн ахсын бииргэ мустаммыт, билиэттэрбит ыйытыыларын ха-
         тылыыбыт, алгебра, математика ахсааннарын суоттуубут, омук
         тылыгар  кэрчик  кэпсээннэринэн  тылбаас  оҥоробут.  Учуутал-
         ларбыт биһигини кытары сэмдэйдэһэ сылдьар буоллулар. Ол
         быыһыгар,  оскуолабытын  бүтэрэн,  арахсар  бүтэһик  киэһэби-
         тигэр  ыллыахтаах  ырыабытын  кытары  үөрэтэн  бардыбыт.  Ол
         «Десять лет» диэн ырыанан кынаттанан сылдьаммыт, хайабыт
         даҕаны, кимтэн даҕаны хаалсыбат санааланныбыт.
            Бэс  ыйын  21  күнэ.  Эксээмэннэрбитин  бары  туттартаам-
         мыт,  учууталларбыт,  холкуос  салайааччыларын,  парткомун,
         хомсомуол  кэмитиэтин  уонна  бүтүн  оройуон,  өрөспүүбүлүкэ
         уопсастыбаннаһын  иннилэригэр  биэрбит  бастакы  тылбытын
         толордубут.
            Үрдүбүтүгэр  күп-күөх,  ып-ыраас  халлаан,  анныбытыгар
         долгуһуйа  уста  сытар  дьалхааннаах  улуу  өрүс,  тулабытыгар
         саҥалыы  тыллыбыт  чээл  күөх  айылҕа.  Кытархай  кырааска-
         лаах таҥара дьиэтин тула үүммүт хаппырыас сибэккитэ үрүҥ
         тунаҕынан  бүрүллэн,  эдэр  сааспыт  саамай  кэрэ  кэмэ  үүм-
         мүтүн кэпсиир. Ол барыта саҥардыы тыллыбыт үөрүү, кыната
         көстүбэт баҕа санаа сайдар кэмэ этэ. Бүтэһик эксээмэммитин
         туттаран, түмүкпүтүн истэн бараммыт, бука бары тутуспутунан
         олохсуйан  үлэлиэхтээх  пиэрмэбитин  «Аартыгы»  көрө  барыах
         буоллубут.
            Ити  «Аартык»  пиэрмэ  аатын  курдук  үрдүк  дабааннаах,  ди -
         риҥ көҥүстээх, өрүстэн бэрт кэрэ көстүүлээх, бэс чагда тыа-
         лаах сиргэ баар. Сорохтор бу дабааны билиҥҥэ диэри Баһы-
         лай аартыга диэн ааттыыллар. Манан былыргыта Булгунньах-
         таахтан  Тойон  Арыы  дьаамыгар  таас  кытыл  устун  хоболоох
         суол ааһара. Кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, Гражданскай сэ-
         рии саҕана үрүҥнэр кыһыллары тоһуйан ытыаласпыт сирдэрэ.
         Ол сэриигэ кыһыллар бүлүмүөттэрэ ытыалыырын аҕам Тойон
         Арыыттан  хаптаһыны  хаптаһыҥҥа  таһыйар  тыас  курдук  исти-
         бит этэ. Баһылай аартыгын олохтоохтор иччилээх курдук эмиэ
         кэпсииллэр.  Оо,  Аартык!  Оскуолабыт  олоххо  атаарбыт  аар-
         тыга  уонна  күргүөмнээх  үлэ  кэтэһэр,  ыҥырар,  олохсуйан  ба-

                                                                      201
   196   197   198   199   200   201   202   203   204   205   206