Page 235 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 235
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Хоһоону куолас, интэнээссийэ дэгэтин туһанан, уусуран-
нык ааҕыҥ.
2. Күндүттэн күндү,
Көмүстэн күндү
Киһи —
Киһи барахсан! — бу судургу тыллар курдук эрээри хоһоон
түгэх дэгэтин быһаарыҥ.
3. Киһи барахсан
Сир Ийэлии өлбөт аналлаах,
Кэннигэр хаалларар
кэнчээри ыччаттаах — бэйиэт хоһоонун тоҕо бу тылла-
рынан түмүктээбитин анаарыҥ.
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
1. Лириичэскэй дьоруой саха киһитин ханнык үтүө өрүттэрин
хайгыы көрөрүн, ааҕааччыга тугунан киэн туттуҥ диэн этэ-
рин ырытыҥ, санаа атастаһыҥ.
2. Хоһооннортон лириичэскэй дьоруой дууһатын, уйулҕатын
хамсааһынын дэгэтин булан быһаарыҥ, сылыктааҥ.
3. Иван Мигалкин айымньыларыгар киһи, олох, таптал, дьол,
уо.д.а. олох сыаннастарын, дириҥ өйдөбүллэрин туһунан
булан ырытыҥ, санааҕытын атастаһыҥ.
ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТЭ
1. Бэйиэт киһини тоҕо, туохха тэҥнии, холуу көрөрүн ырытыҥ.
2. Бэйиэт эпиитэттэри сатабыллаахтык туттан, лириичэскэй дьо-
руой иэйиитин, санаатын утаҕын ааҕааччыга дэбигис тиэрдэрин
ырытыҥ, санааҕытын атастаһыҥ.
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
1. «Иван Мигалкин хоһоонноругар лириичэскэй дьоруой уоба-
раһа» — эрэпэрээт.
2. «Киһи барахсан Сир Ийэлии өлбөт аналлаах» — муусука
доҕуһуоллаах уусуран ааҕыы бырайыак.
235