Page 242 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 242
Хайыһар
кэтэннэр
ыраах,
Сонорго сырсаллара.
Оҕолор,
аһары кырдьаҕастар
Тордохторго хаалаллара.
Хонугулуу барбыттар
Илиигэ тутуурдаах
төннөллөрүн
туһугар
Үҥэллэрэ хаалбыттар
Оҥорбут хаар
эмэгэттэригэр.
Тайахтар, кыыл табалар
Табыллан,
охтон эрэллэрэ,
Сыа хаарга
хаан аҕыллар —
Итинник этилэрэ
ол эмэгэттэрэ.
Күн аайы үҥэр-сүктэр
айыыларын
Кэтээн көрөллөрө
чинчилээн.
Булчуттар
хайдах сылдьалларын
«Билэллэрэ»
Онон билгэлээн:
Хаар тайах
Сотору оҕуттаҕына,
Үөрсүү — байанай
биэрдэҕэ!
Сууллубакка өр
турдаҕына,
Иэдээн — булт ханыннаҕа!
Тыал-куус эрийэн,
Салгын охсон,
Хаар киһи
Эрдэлээн эһиллэр —
Түүйүллэр
ол булчут дьылҕатын
оһолтон
242